Саха сирэ собонон баай буолан, былыр-былыргыттан төрүт аспыт буолар. Сэрии сут дьылларыгар собо саханы элбэхтик быыһаабыта. Билигин кыһыҥҥы кэмҥэ саха дьоно үксэ собону мииннээн тото-хана сиир. Биһиги, Кэбээйилэр, собо биир бастыҥ, куруук сиир аспыт буолар.
Үөрэхтээхтэр этэллэринэн, собоҕо туһалаах аминокислоталар, фосфор, хром, дьуот, алтан, калий, селен, фтор, А, С, D, Е, В, РР битэмииннэр, сыатыгар Омега-3 бааллар. Минньигэс эрэ буолбатах, олус туһалаах ас буолар. Ордук оҕолорго, хат дьахталларга, сааһырбыт дьоҥҥо эмис собону сиэтиллиэхтээх. Собо 100 кыраамыгар ортотунан 17-18 г белок, 1,8 г сыа баар буолар. Ол эбэтэр, 300 кыраамы сиэтэххэ, киһи белокка күннээҕи наадыйыытын 100% толуйар.
Саха сирин балык бултаах күөллэриттэн биирдэстэринэн Кэбээйи улууһун Ньидьили күөл буолар. Бу күөл сытар сирэ уонна климатын усулуобуйата атын күөллэртэн туспа уратылаах. Дьэ, туох уратылааҕый?
Нидьили — Кэбээйи улууһугар баар улахан күөл. Иэнэ 119 кв. км. Устата — 33,5 км. Кэтитэ — 6 км. Орто дириҥэ — 3 м. Ууну — 1010 кв. км. иэннээх сиртэн хомуйар. Күөлгэ Күҥкэй уонна Харыйа Үрэҕэ түһэллэр. Гидрология өттүнэн туругун ырытыы 1960 сыллаахха саҕаламмыта. От ыйыгар уу температурата 18,7° тиийэр. Алтынньыттан бэс ыйыгар диэри уута тоҥ сытар.
Собото Саха сиригэр киэҥник биллэр. Ньидьили күөл Лена – Бүлүү хапталыгар, тиит мастаах тайҕа ортотугар сытар. Ньидьили күөл атын күөл хотооллоруттан улахан үрдэллэринэн арахсыһар. Күөлү үөһэттэн көрдөххө орто түөлбэлэрэ синньээн субуһаллар, онон хотугулуу-арҕааттан соҕуруулуу субуйбут өрүс былыргы сүнньүн санатар.
Күөл климата эмискэ уларыйар. Сыллааҕы орто температурата 10 кыраадыска тэҥнэһэр, оттон ыйдааҕы орто температура от ыйыгар 17-18 кыраадыс итиигэ, оттон тохсунньуга 39-40 кыраадыс тымныыга диэри халбаҥныыр.
Билиҥҥи бириэмэҕэ Саха сиригэр саамай бөдөҥ уонна минньигэс соботунан бу Ньидьили күөл аатырыаҕынан аатырар. Маны таһынан сааскы халаан уутун саҕана Бүлүү өрүһүттэн сордоҥ, тэҥили, кыһыл харах, күстэх балыктар күөлгэ өксөйөллөр.
1960 сылтан саҕалаан бу күөлгэ собону бултууллара биллэр. Сылга 3000 центнертэн ордук балыгы бултаан сылдьыбыттара.
Собо ахсаана күн-дьыл хайдах уларыйыытыттан, төһө күүскэ ууһууруттан, ханна аһыырыттан уонна кыстыырыттан, итиэннэ тас эйгэ сабыдыалыттан улахан тутулуктанар.
Кэнники сылларга, күөлгэ собо кээмэйэ кыччааһына, бытааннык улаатарыттан буолбакка, ситэ илик эдэр, искэҕэ суох собону бултааһынтан тахсар. Дьэ, ол иһин собо саппааһын дэлэтэр сыалтан ситэн эрэ собо көлүөнэтин эрдэтинэ маассабайдык эһэ балыктыыр бобуллар.
Билиҥҥи кэмҥэ күөлү Саха Республикатын «Айылҕа харыстабылын министерствотын биологическай ресурсаларын дирекцията уонна “Ураты харыстанар айылҕа харыстабылын министерствота» уйунар.
«Нидьили» күөл ураты функциональнай зоналардаах: тыытыллыбат харыстанар зона, тулалыыр айылҕатын үөрэтэр, кэтээн көрүү зоната.
Сылын ахсын республика араас муннугуттан тиийэ кэлэн, Саха Республикатын айылҕа харыстабылын министерствотын сөбүлэҥинэн, улахан күүлэй муҥха бэрт тэрээһиннээхтик ыытыллар. Чугастыы сытар Чагда, Арыттаах нэһилиэгин дьаһалтата, олохтоохторо бу Сахабыт сирин ураты күөлүн көрөллөр-харайаллар, харыстыы сыһыаннаһаллар.
Ньидьили күөлү чинчийии үлэтэ түмүктэммэт, сылын ахсын араас үлэлэр ыытылла тураллар.
Сандаара СОФРОНЕЕВА, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
«Дьоҕур» пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.