Үүнэр көлүөнэ тыйаатырын артыыстара бу дьыл олунньу 4 күнүгэр нуучча улуу суруйааччыта Максим Горькай 1897 сыллаахха суруйбут «Кэргэннии Орловтар» диэн айымньытынан саҥа испэктээҕи сүрэхтиэҕэ.
Оруолларга оонньууллар:
Григорий Орлов – СӨ култууратын туйгуна Юрий Афанасьев.
Матрена Орлова – СӨ үтүөлээх артыыската Марина Корнилова.
Сенька Чижик – Никита Соловьев.
Петр Иванович – СӨ култууратын туйгуна Владислав Портнягин.
Баянист – Кирилл Рожин.
Оҕо – Анастасия Петрова.
Испэктээххэ көстөрүнэн кэргэннии Григорий, Матрена Орловтар олохторо-дьаһахтара, бэйэ-бэйэҕэ сыһыаннара отой үчүгэйэ суох, сатарыйар туруктаах олороллор. Кыыс оҕолоно сылдьыбыттар да, кырачааннара күн сириттэн төннөөхтөөбүт. Эр киһи Григорий аһыы утаҕы ыймахтыыр, ойоҕун талбытынан сидьиҥник кырбыыр, дьарыйар. Аны ити кэмҥэ эмискэ ыарыы буулаан, нэһилиэнньэни пандемия сутуйар кэмэ үөскүүр…
Максим Горькай урут суруйан хаалларбыт бу айымньыта билиҥҥи кэмҥэ, ол эбэтэр бэҕэһээ, бүгүн, сарсын буола турар хартыынаны көрдөрөр. Айымньыны сахалыы саҥардыбыт СӨ норуодунай артыыһа Петр Андреев буолар. Кини айымньыны түүннэри-күннэри нууччалыыттан сахалыы тылбаастаан 1,5 ый иһинэн бүтэрэн, режиссерга туттарбыт. Петр Андреев кэргэннии Орловтары сахалыы тыыннаан, туох да иэмэ-дьаама суох билиҥҥи олоххо туттуллар судургу тылларынан тылбаастаабыта олус үчүгэй, көрөөччү айымньыны ылынарыгар судургу.
Испэктээҕи туруорбут эдэр режиссер Антон Ботаков: «Бу айымньыга икки тиэмэ арыллар: киһи олоҕо уонна ыарыы. Ол сахтан быраастар дьон олоҕун быыһыыр туһуттан үлэлэһэллэр эбит. Ону бу билиҥҥи олохпутугар тэҥнии тутан көрөбүт», — диэн санаатын үллэһиннэ. Оттон оонньууга Матрена Орлова оруолун толорбут СӨ үтүөлээх артыыската Марина Корнилова бу курдук этэр: «Мин оруолум ыарахан олохтоох, сатаан оҕоломмотох дьахтар. Кини кыаммат-түгэммэт, дьадаҥы олоххо олорор, эриттэн кырбанар, атаҕастанар. Ол гынан баран пандемия нэһилиэнньэҕэ турбута Матрена тус олоҕор көмөлөөх курдук көстөр, кини эриттэн арахсан сырдык олоххо талаһыыта ойууланар. Мин туруорааччы режиссердуун тэҥҥэ үлэлээбиппин сөбүлээтим. Сүрүн оруолга ылбытыгар түгэнинэн туһанан киниэхэ махталбын биллэрэбин. Олус дириҥ көрүүлээхтик испэктээҕи туруорда диэн бэйэм сыаналыыбын. Онон элбэх көрөөччүнү долгуйа күүтэбит».
Ити курдук испэктээххэ киһи киһиэхэ сыһыана, оҕо сүтэрээһинэ, ыарыы дьаҥа, дьон олоҕун огдолуйуута, бүтэһигэр кэргэнниилэр арахсыылара барыта ытыска уурбуттуу арылхайдык ойууланар. Оонньуу премьерата олунньу 4 күнүгэр А.С.Пушкин аатынан нуучча драматическай театрыгар буолуоҕа. Баҕалаахтары кэлэн көрүҥ, сыаналааҥ диэн ыҥырабыт.
Мария ЗАХАРОВА.