Олунньу ый 26 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үүнэр көлүөнэтин судаарыстыбаннай тыйаатыра Уус-Алдан улууhун Мүрү нэһилиэгэр В.В. Никифоров-Күлүмнүүр аатынан “Тойон Мүрү” култуура дыбарыаһыгар Саха сиригэр биллэриллибит Ийэ сылын тыйаатыр иһинэн «Ытык Ийэ» испэктээкилинэн арыйда. Испэктээкили саҥа култуура дыбарыаһыгар үстэ көрдөрдө!
Ийэ диэн биһиэхэ олоҕу биэрээччи, аан бастаан хаамарга, саҥарарга үөрэтээччи күндүттэн күндү киһибит буолар. Ханнык баҕарар омукка Ийэ диэн кэрэттэн кэрэ, күндүттэн күндү тыл. Ийэ диэн биһигини олох суолугар сиэтэн киллэрээччи, көнө суолунан барарбытыгар сүбэлээччи, ыйан-кэрдэн биэрээччи олохпут арахсыспат аргыһа. Киһиэхэ туох баар үтүөтэ барыта күн сылаас уотуттан уонна Ийэ үүтүттэн. Ийэлэрбитин харыстыаххайыҥ, таптыаххайыҥ, кинилэргэ сүгүрүйүөххэйиҥ.
2022 сылы биһиги Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич Николаев Ийэ сылынан биллэрбитэ. Тыйаатыр иһинэн Ийэ сылын сабыс-саҥа тутуллан үлэҕэ киирбит киэҥ-куоҥ, сырдык, сылаас култуура уораҕайыгар арыйдыбыт. Уус-Алдан улууһун киинигэр Бороҕоҥҥо олус үчүгэй, наһаа тупсаҕай дыбарыас тутуллан дэндэйэн тахсыбыт. Бу буолар Сахабыт сирин сайдыытын биир чаҕылхай туоһута.
Өрөгөйдөөх тэрээһиҥҥэ кэлбит ытык-мааны ыалдьыттарбытыгар, култуура дыбарыаһын үлэhиттэригэр барҕа махталбытын тиэрдэбит! Үүнэ-сайда, чэчирии туруҥ!
Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра.