Кырачаан ыстатыйам тоҕо эрэ бу курдук ааттанна. Орто көлүөнэ киһитэ мин, Вера Спиридоновна Солдатова аатын балачча элбэхтик истэн улааппытым да, саха толкуйун, дириҥин-киэҥин, мындыр көрүүтүн, саха санаатын суруйууларыгар тардан, киэҥ ааҕааччыга таһаарарын саҥа кэлэн биллим. Ити аата кинигэлэрин тутан баран диэн этэбин. Бу санаабын ситэрэн, кинини кытта ситиммин бэйэтин айымньыларын ааҕан, ол нөҥүө ылынным, итэҕэйдим, биллим. Ааппын суруйан туран, наһаа үчүгэй буочарынан «Саргы санаалар», «Санаа ардаҕа», «Дьэргэм дьэргэ кустуга» уонна «Өргүөт кыыһа» хоһоонунан-поэматын ыыппыта. Философия, анаарыы, олох тула санаалар, бэйэ-бэйэҕэ сыһыан, саха санаата, толкуйа.
Оттон бу күннэргэ Вера Спиридоновна Солдатова-Нанова «Өргүөт кыыһа» диэн норуот номоҕор кэпсэниллэр хоһоонунан-поэматын сүрэхтэниитигэр ыҥырда. Биир дойдулаахтара, тапталлаах Өргүөтүн дьоно тэрээһининэн чугас дьонноро, оҕолор, омук сириттэн кытта киирэн, быһа холбоннулар.
Биһиги уруккута «Бэлэм буол», билигин «Кэскил» оҕо-аймах тапталлаах хаһыаттарын кинини кытта олус элбэх үтүө түгэн ситимниир. Хаһыаппыт сүрүн эрэдээктэрэ, 50-тан тахса сыл оҕо хаһыатын салайбыт, Саха суруналыыстыкатын легендата буолбут Нина Иннокентьевна Протопопова Вера Спиридоновналыын биир кэм, биир көлүөнэ дьоно буолаллар, оҕо-аймаҕы, ыччаты сырдыкка, кэрэҕэ, сайдыыга сирдиир биллэр общественнай диэйэтэллэрэ-сирдьиттэрэ этэ диэтэхпинэ олох сыыспаппын.
Күндү Вера Спиридоновна!
Эйигин «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын аатыттан хоһоонунан-поэма кинигэҥ сүрэхтэммитинэн айар кэлэктиип аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит! Эйигин кытта ситиммитин быспаппыт, олус күндүтүк саныыбыт.
Бу күннэргэ «Подари подписку детям» диэн сурутуу акциябытыгар Вера Спиридоновна тапталлаах Өргүөтүгэр уонна Үөһээ Бүлүүгэ олорор хоһоонньут оҕолоругар бу кинигэтин сүрэхтэниитигэр поэматыттан быһа тардан аахпыттарыгар махтанан туран, «Кэскил» хаһыакка 2022 сыл маҥнайгы аҥаарыгар суруйтаран, бэлэх уунна.
Оҕолору кэлэн иһэр саргылаах Саҥа дьылынан эҕэрдэлииллэр, дьоһун дьон буола улааттыннар диэн алгыс тылын ыыталлар: Руслан, Алия Семеновтар, Дима Самыров, Саша Федорова, Леня Ноговицын, Далана Федотова, Света Корякина.
Татьяна ЖИРКОВА,
Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын сүрүн эрэдээктэрэ.