Мохначевская Сардаана Мэнэ-Хаҥалас улууһун Балыктаах нэһилиэгэр Михаил Прокопьевич Габышев аатынан Балыктаах орто оскуолатыгар үһүс кылааска үөрэнэр. Ийэтэ агроном идэлээх буолан, кыра эрдэҕиттэн араас сибэккилэри үүнээйилэри интэриэһиргээн саҕалаабыт.
Сардаана биэс сааһыттан, ийэтигэр көмөлөһөн, сибэккилэри рассадалыыр, үүннэрэр. Бастакы кылааска бэйэтэ арааһынай дьикти, сэдэх үүнээйилэри олордон боруобалаабыт. Ол курдук: мандарин, авокадо, персик, лимон, мята уо.д.а. Олортон сороҕун оскуолаҕа кылааһын тыыннаах муннугар бэлэхтээбитэ.
Иккис кылааска кылааһын оҕолорун кытта «Эковита» диэн бырайыак толкуйдаан микрозелень үүннэрэн саҕалаабыттара. Сардаана бырайыак лаборанынан ситиһиилээхтик үлэлии сылдьар. Микрозелени атыылаан кылааһыгар харчы киллэрэр. Бырааһынньыктарга учууталларга, бэтэрээннэргэ бэлэх оҥорон туттарар.
Сардаана үүнээйилэрин чинчийэн, үөрэтэн, дакылаат суруйан араас таһымнаах научнай-практическай куонкурустарга кыттан элбэх ситиһиилэрдээх. Ол курдук, улуустааҕы научнай-практическай ааҕыыга 1 степеннээх дипломант аатын сүкпүтэ, оҕуруот олордооччулар Өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһугар 2 миэстэ буолбута.
Инникитин, Сардаана үүнээйилэри кэпсиир блогер буолуон баҕа санаалаах.