Үөрэх нэдиэлэтэ Улуу Кыайыыга анаммыт тэрээһиннэринэн ааста — Өлбөт-сүппэт полк, георгиевскай лента, Кыайыы түннүктэрэ бүтүн дойду үрдүнэн ыытыллар аахсыйаларга көхтөөхтүк кытынныбыт.
Нэдиэлэ бастакы күнүгэр оскуола иһинэн ыытыллыбыт аныгы үҥкүү күрэҕин миэстэлэрин быһаараммыт оптуоруньукка грамота уонна бириис түҥэттибит. 4 үҥкүүнэн кыттыбытыттан Прокопьева Дайаана — 1 миэстэ, Верёвкина Элина, Иванова Сайнаара, Баишева Диана — 2 миэстэ буоллулар.
Ыам ыйын 8 күнүгэр Кыайыы күнүгэр аналлаах музыкальнай композицияҕа кулуупка улахан кылаас оҕолоро кыттыбыттара. Онтон киэһэ «Өйдөбүнньүк чүмэчитэ» аахсыйаҕа оскуола оҕолоро уонна үлэһиттэрэ көхтөөхтүк кыттыыны ылбыттара. Бу күн Росгвардия оҕолоро бэтэрээн учууталы, сэрии кэмин оҕотун Дмитрьева К.А. дьиэтигэр баран эҕэрдэлээбиттэрэ.
Ыам ыйын 9 күнүгэр миитиҥҥэ оҕолор эмиэ кэлэн кыттыыны ылан бардылар. Росгвардия уонна Юнармия кылааһын оҕолоро ырыа ыллаатылар, үҥкүүлээтилэр, Кыайыы былааҕын киллэрдилэр, бочуоттаах караулга турдулар, көрдөрүүлээх строевой хаамтылар.
Поскачина Сандаара,
Тааһаҕар, Бүлүү.