Мин аатым Мила Петрова. «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтигэр «Юный дизайнер» куруһуокка дьарыктаммытым 3 ый буолла. Бу дьыл тохсунньу 27 күнүгэр Ытык Күөлгэ нэһилиэк тупсаҕай көстүүтүгэр анаммыт бырайыактары көрүү күрэҕэр кытынным.
Бу куонкурус буоларын салайааччым Уйгулаана Владимировна эппитэ. Куонкуруска ким баҕалаах оскуола саастаах оҕо кыттыан сөптөөх диэн усулуобуйалаах этэ. Бастаан сабыс-саҥа былаһаакка толкуйдаары гынан баран, түргэнник оҥоһуллар, олоххо киирэр кыахтаах, үбүлээһинэ кыаллар буолуохтаах диэн санааттан «Благоустройство сквера А.Е. Кулаковского» диэн бырайыак онорорго санаммытым.
«Оччоҕо сүрүн сыала Өксөкүлээх Өлөксөй аатын, айымньыларын үйэтитиигэ тугу эмит оҥоруоххун наада» диэн салайааччым үлэ хайысхатын быһааран биэрбитэ. Икки арт-объект оҥорорго диэн толкуйдаммытым. Суруйааччы айымньыларын таларга салайааччым көмөлөспүтэ. «Оттоку олук алгыһа» алгыһы уонна «Сүбэ» хоһоону талбыппыт. Күрэх бэйэтэ олус үчүгэйдик, интэриэһинэйдик ааспыта. Бу маннык күрэххэ бастакыбын кыттар буолан наһаа долгуйбутум. Атын оҕолор тугу оҥорбуттарын, хайдах кэпсииллэрин көрөн идея ыллым уонна хайдах кэпсиэххэ сөбүй диэн үөрэх ыллым. Аһыыр сир баар буолан, кэпсиир уочаратым кэлэрин кэтэһэ таарыйа, сок, минньигэс сиэбитим.
Уопсайа 16 бырайыак кыттыыны ылла. Экспертэр үлэлэри 3 миэстэнэн уонна 5 номинациянан дьүүллээтилэр. Бириистэрэ олус үчүгэйдэр этэ. Мин бэйэм «Оригинальная идея малых архитектурных форм» диэн анал ааты ылан астынным. Инникитин даҕаны маннык курдук куонкурустар буолар буоллахтарына, кытта сатыаҕым.
Мила Петрова «Юный дизайнер» куруһуок иитиллээччитэ,
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ.