Күрэх сүрэхтэммит сирин, Халбаакы нэһилиэгин олоҕун-дьаһаҕын билээрибит нэһилиэк главатын Алексей Иванович Васильевы кытта кэпсэттибит.
— Мин нэһилиэк главатынан 2012 сыллаахтан алтынньы 15 күнүгэр үлэлээн саҕалаабытым. Ааспыт сыллааҕы перепиһынан көрдөхпүтүнэ, биһиги нэһилиэкпитигэр 906 киьи олорор. Халбаакы нэһилиэгэ уратыта диэн биһиэхэ элбэх өрөспүүбүлүкэҕэ эрэ буолбакка, аан дойдуга кытта биллэр уус дьон, норуот маастардара уонна уран тарбахтаахтара бааллар. Нэһилиэк инникитин сайдарыгар тыа хаһаайыстыбатын, сирбитин-уоппутун сайыннарыахтаахпыт.
Холобура, балык иитиитин кытта былааҥҥа киллэрэбит. Былааҥҥа саҥа оскуола тутуута турар, бу биһиэхэ улахан ситиһиибит буолуохтаах. Уопсайынан эттэххэ, нэһилиэкпитин куорат таһымыгар тэҥнээн элбэх тутуулар барыахтаахтар.
Нэһилиэк дьаһалтата оскуоланы кытта биир санааҕа үлэлээн, спорт күрэхтэрин, бу тэрээһин курдук үрдүк таһымнаах күрэхтэри тэҥҥэ үлэлээн-хамсаан тэрийэбит. Оҕолорбут ситиһиилэрэ биһиги улахан ситиһиибит буолар.
Раиса Павлова Халбаакы орто оскуолатын
11 кылааһын үөрэнээччитэ.