1974с. К.К.Байкалов совхоз бастыҥ көрдөрүүлээх үлэһиттэригэр Москваҕа барар путевка биэрбит. Чыамайыкы отделениятыттан Дьячковская Мария Алексеевна, Максимов Егор Филиппович уонна мин хос эһэм Федоров Михаил Егорович III үрдүк көрдөрүүлэри ситиһэн ВДНХ-ҕа барар чиэскэ тиксибиттэр. Кинилэр тустарынан билээри, заметка суруйарга сананным. Оҕолоруттан ол туһунан ахтан-санаан ааһалларыгар көрдөстүм.
Дьячковская М.А. кыыһа Дьячковская Татьяна Дмитриевна ахтар: «Ийэбит, Дьячковская (Кудрина) Мария Алексеевна ыраах хоту сытар Орто – Халыматтан төрүттээх этэ. 1960 сыллаахха Дьокуускайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын техникумун ситиһиилээхтик бүтэрэн, Чыамайыкы биригээдэтигэр ветеринарынан ананан үлэлии кэлэр. Аҕабытынаан Дмитрий Федоровичтыын ыал буолан, Чыамайыкыны иккис төрөөбүт дойду оҥостубута.
Талан ылбыт үлэтигэр 33 сыл илиитин араарбакка бэриниилээхтик, үрдүк суобастаахтык, эппиэтинэстээхтик, олус кыһаллан ис сүрэҕиттэн үлэлээн дьон убаастабылын ылбыта, сыллата ахсын былааны аһары толорон үлэһит үтүөтэ аатырбыта. Элбэх махтал, хайҕал суруктарынан, сыаналаах бириистэринэн, «Москвич» фондата массыынанан наҕараадаламмыта ону туоһулууллар. Биир үрдүк наҕараадатынан буолбута 1974 сыл саас Москуоба куоракка ВДНХ-ҕа күүлэйдии барар путевка. «Улуу да буолар эбит дойдубут тэбэр сүрэҕэ» — диэн сөҕөн, хайдах кыһыл болуоссакка хаампыттарын, уһун уочаракка туран Ленин мавзолейыгар киирбиттэрин, элбэх араас музейдарга экскурсиялаабыттарын туһунан кэпсиирин, улахан да пушканы көрдүм («Царь-пушка») диэн сөхпүтүн өйдөөн хаалбыппын. Метроҕа киирэн хайдах аллараа түспүттэрин олус көрүдьүөстүк кэпсээн күллэрэрэ. Ийэбит кэлбитигэр кэһии бөҕө сиэбиппит, оҕолорго онтон ордук дьол суох курдуга…
Үлэһит киһи хайаан да чиэстэниэхтээх дии саныыбын. ВДНХ-ҕа сылдьан араас регионнар ситиһиилэрин көрөн киһи айыан-тутуон, үлэлиэн баҕата күүһүрэр буоллаҕа. Ийэбит онно баран кэлиитэ өссө таһаарыылаахтык, ситиһиилээхтик үлэлииригэр кыах биэрдэҕэ. Оҕолоро, сиэттэрэ ийэбит, эбээбит сылдьыбыт сирэ диэн билэбит, Москваҕа тиийдэхпитинэ ВДНХ-ҕа куруук сылдьа сатыыбыт«.
Максимов Е.Ф. кыыһа Федорова Мария Егоровна маннык ахтар: «ВДНХ-ҕа барыы чиэс бочуот, үлэһит дьону ыыталлар диэн өйдөбүллээхпин. Ыраах үрэх баһыгар олорор киһиэхэ улахан сыанабыл, Москубаҕа мээнэ бараахтаабат буоллахтара дии.
Аҕабыт биһиги оҕо эрдэхпититтэн наар үлэ үөһугэр сылдьыбыта. Совхозка булчутунан да үлэлээбитэ, фермаҕа сүөһү аһатыытыгар, көөнньөрбө оҥоруутугар, маслозаводка рабочайынан эмиэ үлэлээбитэ. Пенсияҕа тахсан баран маҕаһыыҥҥа рабочайынан үлэлээбитэ. Биһигини, оҕолорун улахан дьоҥҥо убаастабыллаахтык сыһыаннаһарга, тулаайахтары аһынарга, атаҕастааман диэн элбэххэ үөрэтэр этэ.
Аҕам Москваҕа ВДНХҕа, Кыһыл болуоссакка, Улахан театрга «Лебединое озеро» балетка, Мавзолейга Ульянов В.И. — Ленины көрбүтүн сөҕө-махтайа кэпсиир этэ. ВДНХ-ҕа сылдьан санаата олус көтөҕүллэн кэлбитэ. Мария Алексеевналыын көрүстэхтэринэ астына кэпсэтэллэрин, күлсэллэрин истэр этим. Оҕолоругар — биһиэхэ ахсааммытынан кэһии аҕалбыта. Барыбытыгар хап-хачыгырас болонья куртка уонна араас сувенирдары аҕалбыта билигин дьиэбитигэр сырдык өйдөбүл буолан турар.
Биһиги, оҕолоро, сиэттэрэ, кининэн киэн туттабыт. Дойду тэбэр сүрэҕэр урут мээнэ киһи тиийбэт сирэ этэ дии. Мин ВДНХҕа аҕыйах сыллааҕыта сылдьыбытым. Урукку союзнай республикаларга аналлаах биирдии объект-павильоннар билигин да үлэлии тураллара. Аҥардас фонтаны да көрөн киһи астыныыны, дуоһуйууну ылар«.
Хос эһэм Федоров Михаил Егорович III 1934 с. Чыамайыкы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 4 кылаас үөрэхтээх. 14 сааһыттан колхозка араас үлэҕэ үлэлээбитэ. 1963 сылтан ыла ньирэй көрөөччүнэн, кыһынын бороон көрөр звено старшайынынан үлэлээбитэ.
Хос эһэбин Михаил Егоровиһы Чыамайыкы сельсоветын исполкомун быһаарыытынан 1974с. Почет кинигэтигэр киллэрбиттэрэ. Кини К.К.Байкалов совхоз хас да төгүллээх социалистическай куоталаһыы кыайыылааҕа, лауреата. Улуус Бочуотун кинигэтигэр киирбитэ.
Эһэм Федоров Михаил Михайлович аҕата Москва куоракка баран кэлиитин туһунан бу курдук эттэ: «ВДНХ диэн сахалыыта Норуот хаһаайыстыбатын бүтүн Союзтааҕы ситиһиитин быыстапката диэн. Москва олохтоохторо маны бурдук, эт-ас оҥорооччулар быыстапкалара курдук өйдүүр буолуохтаахтар. Аҕам, Федоров Михаил Егорович III, Байкалов совхоз саҕана лауреат буолан, баран Москваны көрөн, ол ВДНХ-ҕа сылдьан, сөҕөн-махтайан кэлбитэ. Билигин оннук диэн баара дуу, суоҕа дуу, тоҕо эрэ олох истибэппин. Дьиҥинэн үлэ киһитин чиэстииллэрэ үчүгэй бөҕө буоллаҕа. Урут Советскай Союз саҕана «Москва хотонтон чугас» диэн өйдөбүл, шутка баара«.
Хос эһэм көрдөрүүлэрэ:
- 1971с. 201 ньирэйи хас биирдиитин 98 кг.-тан улаатыннаран 133 кг. тиэрпитэ. Ат куолугэр 8 ыйга
- 108 бороону 95 кг.-тан улаатыннаран 176 кг. тиэрпитэ.
- 1972с. 210 ньирэйи 101 кг.-тан улаатыннаран 135 кг. тиэрпитэ. Кыһын 147 бороону 66 кг.-тан улаатыннаран 180,0 кг. тиэрпитэ.
- 1973с. 194 ньирэйи 106 кг.-тан улаатыннаран 151 кг. тиэрпитэ. Кыһын 125 бороону 87,6 кг.-тан улаатыннаран 200,9 кг. тиэрпитэ.
- 1974с. 208 ньирэйи 101 кг.-тан улаатыннаран 143 кг. тиэрпитэ. Кыһыныгар 208 бороону 97,7 кг.-тан улаатыннаран 244,1 кг. тиэрпитэ.
Хос эһэм уонна нэһилиэгим үлэһит дьонун туһунан, ВДНХ-ҕа баран кэлбит историяларын биллим. Үлэһит дьону чиэстиир наадалааҕын туһунан эһэм этиитин кытта сөбүлэстим.
Галя Федорова, VII кылаас, «Проба пера» корреспондена, Чыамайыкы, Мэҥэ Хаҥалас