Үүнэ-чэчирии тур «Кустукпут»
“Кустук” телестудиябытыгар дьарыктаммыт, кэлин оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрбит, араас идэлэргэ үөрэммит, билигин үлэлии-хамсыы сылдьар ыччаппыт студия туһунан санааларын билсиэҕиҥ:
Ымсыырарым
Полина Григорьева:
– Мин “Кустук” телестудияҕа III кылаастан дьарыктаммытым. Бастакы сылларбар камера иннигэр хайдах туттарга-хаптарга, кыбыстыбакка саҥарарга үөрэммитим. Кылгас кээмэйдээх мультипликационнай киинэлэри устар, саҥардар этибит. Үрдүкү кылаас оҕолоро араас биэриини холкутук ыыталларын, бэйэлэрэ камеранан усталларын, кэпсииллэрин көрөн ымсыырарым. Улааттахпына кинилэр курдук буолуом диэн баҕа санаалааҕым. Ол иһин, кылаастарынан үрдээн истэҕим аайы, саҥаттан саҥа толкуйдар киирэн иһэллэрэ. Кыра эрдэхпиттэн кэрэ эйгэлиин алтыһан, билигин Нерюнгри Государственнай тыйаатырыгар артыыспын. Таптыыр, ахтар студиябытын, уһуйааччыларбытын бэлиэ сылынан эҕэрдэлиибин! Эһиги баар буолан, телестудия үүнэ-сайда турар, нэһилиэк олохтоохторун күн бүгүнүгэр диэри үөрдэр-көтүтэр. Ситиһиилэри баҕарабын!
Идэбин манна талбытым
Александра Кривошапкина:
– “Кустук” телестудия идэбин таларбар олугу уурбут улахан оруоллаах. Ол курдук, ахсыс кылаастан саҕалаан, суруналыыс идэтин талабын диэн бигэтик быһаарыммытым. “Кустукка” сылдьыбытым камера иннигэр толлугаһа суох саҥарарга, тиэкиһи сөптөөхтүк сааһылаан суруйарга үөрэппитэ. Бииргэ алтыспыт оҕолорбут, учууталларбыт өйөөһүннэринэн «Саҥа оҕо» киинэни устубуппут. Нэһилиэк сонуннарын, тэрээһиннэри эфиргэ тиһигин быспакка таһаарарбыт. Нина Николаевнаҕа тугу эмэ оҥоруохха диэн тыл көтөҕөн, санаабын үллэһиннэхпинэ, куруук өйөөн, сонно тутатына бииргэ оҥоро охсорбутун олус истиҥник саныыбын. Суруналыыс идэтин таларбар олугу уурбут телестудиям өссө да үүнэ-сайда, чэчирии турдун.
Сонуну сэргиибин
Сайаана Стручкова:
– Дьонтон ыйытан, сонуннары суруйарбын уонна ону камераҕа ааҕарбын сөбүлүүбүн. Онно иҥэриммитим барыта инники идэни таларбар көмөлөһүө, туһалыа диэн эрэнэбин. Быйыл алтыс сылбын студияҕа дьарыктанабын, оскуоланы бүтэриэхпэр диэри телестудиябар сылдьыам дии саныыбын.
Сайдабыт
Настя Афанасьева:
– Бастакы сылларбытыгар «Сылаастык утуйуҥ, кырачааннар» биэриини ыытарбыт. Билигин сонуннары кэпсиибин. Онно дьонтон, оҕоттон интервью ылан, барытын түмэн, “Сонуннарга” таһаарабыт. “Кустук” телестудияҕа биһиги кэпсиир, дьону кытта кэпсэтэр дьоҕурбут сайдар. Сотору кэминэн камераттан толлубакка, көҥүллүк кэпсиир буолбуппут. “Кустукка” араас интэриэһинэй тиэмэлээх куонкурустарга, күрэхтэргэ кыттабыт. Телестудияҕа сылдьан, элбэх доҕоттордоннубут.
Күргүөмүнэн
Карина Васильева:
– Дьону кытта алтыһарбын олус сөбүлүүбүн. Тэлэбиидэнньэ эйгэтэ олус интэриэһинэй. Манна биир эрэ киһи буолбакка, бүтүн хамаанда үлэлиир. Ол, бастатан туран, эппиэтинэстээх буоларга үөрэтэр. “Кустук” телестудия тус бэйэбэр элбэҕи биэрдэ: дьону кытары сэһэргэһэргэ, эппиэтинэстээх буоларга, санааҕын аһаҕастык этэргэ. Ол иһин «Кустукпар» сөбүлээн дьарыктанабын.
Оҕо дьоҕура сайдарыгар, сатабыла үксүүрүгэр, билиитэ-көрүүтэ хаҥыырыгар «Кустук» телестудия олус наадалаах уонна туһалаах. Үгүс көлүөнэ оҕотун кутун туппут тапталлаах телестудиябыт, төрүттэммитиҥ 20 сыллаах үбүлүөйгүнэн эҕэрдэ! Иитиллээччилэргэ уонна салайааччыларга айымньылаах үлэҕитигэр үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Анита ПАВЛОВА,
XI кылаас.
Мэҥэ Хаҥалас.
ХААРТЫСКАЛАРГА: “Кустук” телестудия.