«Азия оҕолоруттан университет устудьуоннарын спордугар тиийэ» диэн бүгүн ыытылла турар научнай конференцияҕа медицина, ас-үөл, спортинвентарь быыстапкатыгар араас хампаанньалар, үөрэх тэрилтэлэрэ кыттыыны ыллылар. Быыстапка кыттыылаахтарыттан бырайыактарын туһунан ыйыталастым.
Холобур, Чурапчы улууһун «Ньургуһун» Хатылытааҕы оҕону сайыннарар уһуйаан «Үс мас бүтэй күрүө нөҥүө» оҕо физическэй хаачыстыбатын сайыннарыы бырайыагынан кыттыыны ылаллар. Ол туһунан иитээччи Людмила Егоровна Федорова уонна физинструктор Елена Алексеевна Владимирова кэпсээтилэр:
— Бу бырайыакпыт оҕо физическэй хаачыстыбатын эрэ сайыннарыы буолбатах, бу плоскостопиены көннөрөргө эмиэ туттуллар. Бырайыакпыт аата да этэринии «Үс мас бүтэй күрүө нөҥүө», ол аата бу күрүөнү, холобура, аһарга-сабарга даҕаны, ньирэйи аҕалан күрүөҕэ баайарга даҕаны, бу барыта үлэнэн иитии буолар. Биллэн турар, саха норуотугар күрүө улахан оруоллаах. Былыр-былыргыттан сүөһүлэрин сахалар күрүөҕэ-хаһааҕа хаайан олорбуттара. Онтон билигин биһиги бу күрүөнү спортивнай тренажер быһыытынан тутта сылдьабыт. Бу күрүө маҥнай биһиги уһуйааммытыгар ис бараанын киэргэлэ буолан турбута. Онтон билигин спортивнай тренажер быһыытынан туһана сылдьабыт. Манна биһиги 20 эрчиллиини айбыппыт. Бу эрчиллиилэр 4 түһүмэххэ арахсаллар. Хас биирдии түһүмэх боростуойтан ыараан иһэр сорудахтардаах. Уонна бу күрүөҕэ оҕолор бэйэлэрэ айан эмиэ оонньууллар.
Быыстапка биир кыттыылааҕа Маргарита Лыткина, «Тиньши» хампаанньа үлэһитэ.
— Хампаанньабыт кальций оҥоруутунан биллэр. Отучча сыл анараа өттүгэр Кытай научнай академията кальций диэн эттиги оҥорон саҕалаабыт. Биһиэхэ «Тиньши» хампаанньабытыгар кальций бэйэтинэн эрэ буолбакка, эбии иҥэмтиэлээх, эмтээх оттортон турар аһылык баар. Кардисепт, хитозан, глюкозомин, эмтээх капсулалар бааллар. Биллиилээх дьон биһиги бородууксуйабытын аатырда сылдьаллар. Олор истэригэр Александра Трусова, Варвара Субботина, Александр Веришковский бааллар. Бүгүн биһиги бырайыакпыт «Чөл аһылык — чөл омук төрдө» диэн кэмпириэнсийэ биир хайысхатыгар киирдэ. Сибирь федеральнай киинэ биһиэхэ аккредитация быһыытынан көҥүлүн биэрбитэ. Мин бэйэм 16 сыл тухары бу бырайыагынан дьарыктанным. Сыһыарыы нөҥүө «Тяньши» бородууксуйатын атыылыыбын. Хаан эргииригэр туһалаах мал баар — СЦЭК диэн тренажер. Спортсмен бу тренажерга 15 мүнүүтэ иһигэр түргэнник бэйэтин тургутуон сөп. Бары доруобай буолуҥ, чөл олохтонуҥ!, — диэн кини кэпсиир.
Онон науканы кытта сэргэстэһэн, спорт сайдыыта түргэн буолуо диэн бигэ эрэллээхпит. Чөл олохтонуохха, спорду кытта бииргэ буолуохха!
Алгыстаана Захарова, оҕо пресс-киинин эдкора.
keskil14.ru