Кэлэн иһэр Устудьуон күнүгэр анаан «Инникигэ хардыы» научнай конференция кыттааччытын Күнэйэ Николаевалыын сэһэргэстим.
Арассыыйаҕа тохсунньу 25 күнэ Устудьуон күнүнэн биллэр. Бу күнү бэрт элбэх эдэр ыччат бэлиэтиир. Биһиги, оскуола оҕолоро, сотору кэминэн эмиэ устудьуон олоҕун билиэхпит. Оскуолабытын бүтэрэн, сөбүлүүр идэбитин талан, үөрэх кыһатыгар туттарсыахпыт. Бииргэ үөрэнэр кыыспыттан Күнэйэ Николаеваттан туох үлэһит буолуон баҕарарын туһунан ыйыталастым.
Күнэйэ Николаева Дьокуускай куорат 25-с нүөмэрдээх орто оскуолатын 7 кылааһын үөрэнээччитэ. Кини быйыл академик В.П. Ларионов аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи XXVIII «Инникигэ хардыы» эдэр чинчийээччилэр күрэхтэригэр ситиһиилээхтик кыттыыны ылбыта.
— Күнэйэ, эн бу тохсунньутааҕы «Инникигэ хардыыга» кыттыыны ылбытыҥ. Эн санааҕар, бу кэмпириэнсийэ оҕолорго туох билиини-көрүүнү биэрэр дии саныыгыный?
— Бу кэмпириэнсийэҕэ дьарыктаммыт оҕо инники идэтин таларыгар күүс-көмө буолар. Оҕо дакылаат ааҕыытынан кыра эрдэҕиттэн дьарыктанар буоллаҕына, бэйэтин санаатын толору этэр, бэйэтигэр эрэллээх, ыйытыыга толору эппиэти биэрэр буола үөрэнэр.
— Оскуола оҕото кэлин устудьуон буоллаҕына, бу билии киниэхэ төһө туһалаах буолуой?
— Кэлин дакылаат ааҕар оҕо устудьуон буолан талбыт тематын өссө дириҥэтэн дьарыктанан араас күрэхтэргэ, ону таҺынан араас куораттарга кыттыан сөп. Эбиитин научнай-чинчийэр үлэнэн дьарыгырар оҕолор эбии стипендия ылаллар. Ол эмиэ устудьуон оҕоҕо көмө, өйөбүл буолара саарбаҕа суох.
— Күнэйэ, эн инникитин ханнык идэни талыаҥ этэй?
— Мин оскуоланы бүтэрдэхпинэ, биология учуутала буолуохпун баҕарабын.
— Эппиэтиҥ иҺин махтанабын.
Онон, оҕолоор, наукаҕа биир хардыы оҥоруҥ диэхпин баҕарабын. Кэлин бу билиигитин устудьуон олоҕор туҺалаахтык туттуоххут диэн эрэнэбин.
Алгыстаана ЗАХАРОВА,
Дьокуускай куорат 25 №-дээх орто оскуолатын
7 кылааһын үөрэнээччитэ