Оҕо дьарык нѳҥүѳ билиҥҥи кэми толкуйдуу үѳрэнэригэр, тулалыыр эйгэттэн ылар билиитин сѳптѳѳхтүк иҥэринэрин чиҥэтэр сыаллаах олунньу 8 күнүгэр Россия наукатын күнүн бэлиэтээн оскуолабытыгар алын кылаас учууталлара 1 – 4 кылаастарга кустовой тэрээhин ыыттылар.
Оҕолору кыра кылаастан доҕордуу, эйэлээх, бэйэ – бэйэҕэ истиҥ сыhыаннаах буоларга иитэн, бу тэрээhиммитигэр ыаллыы сытар чугас Лѳкѳчѳѳн нэhилиэгин А.И. Леонтьев аатынан Лѳкѳчѳѳн оскуолатын 2,3 кылаас оҕолоро учууталларын кытары ыалдьыттаатылар.
Икки оскуола алын кылаастарын оҕолорун билсиhииттэн саҕалаан, М.А. Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын алын кылаастарын метод холбоhугун салайааччыта И.Н. Жиркова Наука биллиилээх учуонайдарын, туох арыйыылары оҥорбуттарын туhунан сырдатта. Учууталлар күүстэринэн тэриллибит «Урукку кэм техниката олох сайдыытынан» диэн быыстапкаҕа ууруллубут компьютер, телефон, радио, рация, магнитофон, чаhы, фотоаппарат, телевизор, ручка арааhын кэминэн уларыйан, тупсан испитин оҕолор кѳрѳн сэргээтилэр.
Физика учуутала Т.В. Федорова 11 кылаас оҕолорун кытары араас уопуттары оҥорон кѳрдѳрдүлэр: саарык уокка умайар, умайбат диэн; уулаах ыстакааны кумааҕынан сабан, таҥнары туттахха, уута тохтубат; саарыкка лимон хаҕын хам тутан ыстардахха, тэстэр; уулаах ыстакааны кытыытын илитэн ааллахха музыка курдук тыаhыыр, уутун кѳҕүрэтэн истэххэ, тыаhа уларыйар, улам синньээн иhэр уо.д.а.
Информатика учуутала П.А. Алексеев роботтар араастарын, туох туhалаахтарын кѳрдѳрѳн билиhиннэрдэ. Куруhуокка дьарыктанар 5, 7 кылаас оҕолоро бэйэлэрэ программалаан оҥорон таҥмыт роботтарын күрэхтэhиннэрдилэр.
Лѳкѳчѳѳн оскуолатын алын кылааhын учууталлара булугас ѳйү, тобуллаҕас буолары, түргэнник толкуйдууру сайыннарар «Счастливый случай» хамаанданан оонньууну оҕолорго ыыттылар.
Эти –сиини эрчийэр, сытыы-сымса, доруобай, биир сомоҕо түмсүүлээх буолалларыгар, физкультура учуутала М.К. Иванова оҕолору барыларын 3 хамаандаҕа арааран, кѳрдѳѳх стартары ыытта.
Түмүккэ кыайыылаах уонна кыттыбыт оҕолору эҕэрдэлээн, Россия наукатын күнүн бэлиэтин мэтээллэри, минньигэс бэлэхтэри туттардылар. Ыалдьыттарбыт, оҕолорбут бу күнү интэриэhинэйдик, туhалаахтык атааран астынан тарҕастылар.
Оҕолор наука туhунан тугу билбиттэрин үллэстэллэр.
Харлампьева Виктория, 4 кылаас: Наука диэн саҥа арыйыылар, саҥа туттар тэриллэри айан таhаарыы.
Васильева Лейла, 4 кылаас: Науканы анал лабораторияҕа үѳрэтэллэр, олоххо олус наадалаах.
Харлампьев Георгий, 2 кылаас: Наука диэн эксперимент, саҥаны айаллар, үѳрэх курдук.
Кириллин Эрхаан, 2 кылаас: Наука барытын билэргэ наадалаах, ѳйдѳѳх дьон учуонайдар наукаҕа үлэлииллэр.
Николаева Айтал, 2 кылаас: Наука диэн физика, химия, технология, робототехника буолар, уопут оҥороллор.
Николаева Эльза, 2 кылаас: Наука үѳрэхтээх, билиилээх буоларга наада.
Антонов Сандал, 3 кылаас: Науканы дьон айар, саҥа маллары оҥорор.
Оконешникова Регина, 3 кылаас: Наука күнүгэр араас уопуттары кѳрѳн олус интэриэhиргээтибит, элбэҕи биллибит.
Людмила Тарасова, М.А.Алексеев аатынан
Баппаҕаайы оскуолатын учуутала,
Бүлүү