Олунньу 8 күнүгэр М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын 2, 3, 4 кылаас оҕолоро учууталларын Оленова С.Д, Жиркова И.Н., Тарасова Л.С. кытта ыаллыы сытар Лѳкѳчѳѳн нэhилиэгэр, А.И.Леонтьев аатынан Лѳкѳчѳѳн оскуолатыгар Арассыыйа наукатын күнүн бэлиэтии, билсиhэ, кѳрсүһэ ыалдьыттаатылар.
Алын кылаас учууталлара С.С. Син–Хой, Р.С.Васильева, К.Е. Федорова биир эйгэҕэ үлэлиир кэллиэгэлэрин үѳрэ –кѳтѳ кѳрүстүлэр. Тэрээһиҥҥэ кэлэн мустубут оҕолорго Лѳкѳчѳѳн оскуолатын дириэктэрэ А.А.Леонтьева оскуолатын туhунан билиhиннэрдэ, Наука күнүнэн истиҥник эҕэрдэлээтэ.
Икки оскуола 2- 4 кылаастарын оҕолоро билсиһэллэрин курдук, алта хамаандаҕа арааран, квест оонньууттан саҕаланна. Наука күнүгэр туһуламмыт буолан, оҕолор 4 станциянан сылдьан, араас хайысхаҕа сорудахтары толордулар: математикаҕа аптаах квадраттары, сыыппаранан ребустары, головоломка арааhын суоттаатылар; сахалыы ѳс хоһооннору, буукубалартан тыллары таайдылар; нууччалыы ребустары, эрчиллиилэри толордулар; тулалыыр эйгэҕэ каартаҕа материктары суруйдулар, тыынар, тыыммат айылҕаны быһаардылар, пазл хомуйдулар. Оҕолор билсэ охсон, хамаандаҕа бииргэ үлэлииргэ, бэйэ – бэйэҕэ сыһыаҥҥа, кѳмѳлѳһѳргѳ үѳрэннилэр. Квест оонньуу түмүгэр 1 миэстэ – «Сулус» хамаанда, 2-с миэстэ – «Аргыс» хамаанда, 3-с миэстэ — «Солнце» хамаанда буоллулар.
Оскуола кѳрүдүѳрүгэр 3, 4 кылаас талааннаах оҕолорун быыстапкаларын сэргии кѳрдүбүт. З-с кылаас үѳрэнээччилэрэ Протопопов Эльдар пластилинынан мультик, остуоруйа геройдарын, улуустар гербэлэрин, хараабыллары оҥорон, уруһуйунан дьарыктанарын, Петров Влад айылҕа матырыйаалынан – туойунан иһит, сувенир, пластилинтан аан дойдуга баар кэрэ миэстэлэри (Эйфелева башня, Кремль, Пизанская башня, Статуя Свободы уо.д.а) оҥорбутун кѳрдѳрѳн кэпсээтилэр. 4 кылаас үѳрэнээччилэрэ Семенова Ванесса, Павлова Валентина араас техниканы туттан уруhуйдаабыт уруhуйдарын кѳрдѳрдүлэр. Оҕолор араас таhымнаах куонкурустарга кыттан ситиhиилэрэ элбэҕин биллибит.
Тѳрѳппүттэр бэлэмнээбит минньигэс астаах остуолларыгар кылаастарынан тарҕаһан аһаатылар, чугастыы кэпсэтэн билсистилэр.
Тэрээһин иккис чааhыгар «Сайдам» сынньалаҥ киинигэр оҕолор кыттыгас концертара, кулууп үлэhиттэрэ анаан тэрийбит кѳрдѳѳх оонньуулара, флешмоб үҥкүү арааһа, дискотека буолбута.
Икки оскуола алын кылаастарын оҕолоро бииргэ түмсэн, кѳхтѳѳхтүк кыттан, бэрт бэhиэлэйдик уонна туhалаахтык күннэрин атааран, аралдьыйан олус астыннылар, үѳрдүлэр – кѳттүлэр, саҥа доҕоттордоннубут диэн кэпсииллэр. Баппаҕаайы оскуолатын үѳрэнээччилэрин Лѳкѳчѳѳҥҥѳ бэйэлэрин массыыналарынан таспыт суоппар аҕаларга Борисов А.И., Николаев Э.С., Николаев А.А., Харлампьев К.Х. улаханнык махтанабыт. Лѳкѳчѳѳн оскуолатын алын кылааһын учууталларыгар Наука күнүгэр аналлаах кэрэхсэбиллээх тэрээһини тэрийбиттэригэр, кѳрсүбүттэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит.
Людмила Тарасова,
М.А.Алексеев аатынан Баппаҕаайы оскуолатын учуутала.
Илбэҥэ, Бүлүү