Олунньу 8 күнэ – Наука күнүнэн биллэр. Бу бэлиэ күҥҥэ анаан, оскуолабытыгар VIII-ыс төгүлүн ыыттыллар улуустааҕы «Винокуров ааҕыылара» научнай-чинчийэр конференция буолла.
Бу чинчийэр үлэ ааҕыыта тыа хаһаайыстыбатын доктора, профессор, Хотугу Форум уонна Аан Дойдутааҕы аграрнай үөрэхтээһин академига, Россия Академиятын чилиэн – корреспондена, Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, Россия үөрэхтээһиҥҥэ уонна билимҥэ Академиятын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ тыатын хаһаайыстыбатын Государственнай бириэмийэтин лауреата, Н.И.Вавилов аатынан мэдээл кавалера, Дьокуускайдааҕы Вавилов уопсастыбатын генетиктарын уонна селекционердарын вице-президенэ, Орто Халыма улууһун Бочуоттаах гражданина, Винокуров Иван аатын сүгэр. Кини биһиги агрооскуолабыт научнай сүбэһитэ этэ.
Ааҕыы сүрүн биэс хайысханнан ыытыллар. Ол курдук, «Агрохайысха» «Циркумполярная культура», «Бизнес», «Техника. Технология. Дизайн.», «Экология. Медицина. Здоровье.» диэн хайысхаларга алта оскуолаттан уопсайа 46 үөрэнээччи кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ кыайыылаахтары быһааран добун суруктары, кыттааччыларга туоһу суруктары туттартаата.
И.Ноговицына
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.