Наука туһунан оҕолор туох санаалаахтарый? Ол туһунан Орто Халыма улууһун Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччилэрэ үллэстэллэр.
Эрхан Созонов: «Наука диэн мин санаабар саҥа арыйыылары оҥоруу. Онно хас биирдии киһи үлэлээбэт. Олус өйдөөх дьон эрэ наукаҕа үлэлииллэр. Учуонайдар тугу эрэ айаары уһуннук күн аайы үөрэтэн, чинчийэн көрөллөр, онтон түмүгэр саҥа арыйыыны оҥороллор. Биһиги бөһүөлэкпититтэн элбэх учуонай тахсыбыта. Кинилэр тустарынан олохтоох түмэлбитигэр элбэх материал баар. Мин науканан дьарыктаныахпын баҕарбаппын. Ити наһаа ыарахан буолуо дии саныыбын».
Арылхан Винокуров: «Олунньу 8 күнэ — Арассыыйаҕа Наука күнэ. Наука диэн саҥа арыйыылары арыйар ыарахан үлэ. Билигин биһиги бары сайдыылаах кэмҥэ олоробут. Оттон хаһан эрэ наука сайдан бүтүө дуо? Ким да арыйыылары оҥорбот буоллаҕына, наука эмиэ сүтүө дии саныыбын. Учуонайдар диэн науканан дьарыктанар, саҥа арыйыылары оҥорор дьон. Кинилэр элбэҕи үөрэтэллэр. Биһиги бөһүөлэкпититтэн элбэх учуонай тахсыбыт эбит. Мин аймаҕым Иван Николаевич Винокуров. Кини сылгыны үөрэппит. Саха сылгытыгар Халыма боруодата диэн баарын дакаастаабыт. Илья Спиридонович Третьяков эмиэ тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар үлэлээбит, эмиэ учуонай буолан тахсыбыт. Ульяна Алексеевна Винокурова, социологическай наука доктора, профессор, академик. Татьяна Васильевна Третьякова, педагогическай наука доктора. Кинилэр бары биир олбуорга ыаллыы турар дьиэлэргэ төрөөн улааппыттар эбит. Ол дьиэлэртэн биирдэстэр билигин да баар».
Игнат Винокуров: «Наука диэн учуонайдар тугу саҥаны толкуйдаан, эбэтэр тугу эрэ дьиктини айан дакаастаан таһаарыылара. Хас биирдиибитигэр наука сыһыаннаах, наадалаах. Наука суоҕа буоллар, олохпут сайдыа суох этэ. Учуонайдар диэн фантазиялаах, билиилээх, олус өйдөөх дьон. Кинилэри Наука күнүнэн эҕэрдэлиибин! Маннык күнү кинилэргэ анаабыттара олус сөп дии саныыбын».
Денис Винокуров: «Наука диэн өй сайдыыта. Саҥаны арыйдахха, олохпут сайдар. Наука, учуонайдар суохтара буоллар, былыргылыы мас тутууларга, тирии таҥастаах олоруо этибит. Наукаҕа үлэлиир учуонайдар элбэхтэрэ буолуо. Мин барыларын билбэппин. Оттон биһиги баҕар улааттахпытына, учуонай буолуохпут, туох эрэ саҥаны арыйыахпыт».
Эля Сухомясова: «Наука наадалаах дии саныыбын. Хас биирдии киһи олох сайдыытыгар наадыйар. Билигин туһанар малбытын-салбытын, таҥаспытын-саппытын барытын учуонайдар айбыттара. Наука араас хайысхалаах, онно ким баҕарар үлэлээн, учуонай буолуон сөп. Баҕарыахха эрэ наада. Чинчийиини сөбүлүүр, толкуйдаан көрөр дьоҕурдаах, сүрэхтээх, өйдөөх дьон учуонай буолаллар. Саамай тулуурдаах дьоннор учуонайдар. Тоҕо диэтэххэ, кинилэр арыйыыларын уһуннук кэтииллэр, онтон сатаннаҕына, дьэ, арыйыыларын тарҕаталлар. Науканан киһи эрэ барыта дьарыктаммат. Сөбүлээбэт дьон эмиэ бааллар».
Люба Еремеева: «Наука диэн арыйыылар. Онно үлэлиир дьон учуонайдар. Кинилэр элбэҕи билэллэр. Үөрэҕэр мөлтөх киһи учуонай буолар кыаҕа суох. Тоҕо диэтэххэ, элбэҕи билиэххин наада».
Изольда Слепцова: «Наука диэн киһи тугу эрэ бэйэтэ айан таһаарбыт саҥа арыйыыта дии саныыбын. Ыллыҥ да айан таһаарбаккын. Уһун кэм наада, кэтээн көрөргө, үөрэтэргэ. Учуонайдар биһигиттэн олус ураты дьоннор. Кинилэр күүстээх санаалаахтар, өйдөөхтөр».
Изабелла Ноговицына, Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.