Биһиги, “Sunflowers”диэн Сунтаар улууһун И.Г. Спиридонов аатынан Кириэстээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрин бөлөҕө, сайыммытын республикатааҕы “Онлайн-научнай сайын-2020” чинчийэр ситим-проегы кытта саҕалаатыбыт. Быйылгы үлэбит сүрүн хайысхатынан ботаническай чинчийиилэри таллыбыт, ол курдук биһиги тэлгэһэлэрбитигэр үүнэр эмтээх оттору үөрэтэбит, кинилэри гербарийдыыбыт, анал литература уонна научнай салайааччыларбыт көмөлөрүнэн үүнээйилэр эмкэ-томпко туттуллар суолталарын үөрэтиэхпит.
Бу үлэбит биһиэхэ элбэх туһаны аҕалар дии саныыбыт:
Бастакытынан, үүнээйилэри араара, кинилэр ааттарын-суолларын билэ үөрэнэбит, ол курдук, билэр үүнээйигин көрдөххүнэ үөрэҕин, истиҥ доҕоргун көрсүбүт курдук буолар эбиккин;
Иккиһинэн, отунан эмтэнии – бу өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрэ: киһиэхэ атаҕын анныгар, төрөөбүт сиригэр-буоругар үүммүт от ордук туһалаах буолар дииллэр, онон от эмтиир уоҕун сатаан туһанар буолуу – инники олохпутугар олус наадалаах;
Үсүһүнэн, бу үлэлэрбитинэн араас күрэхтэргэ кыттыахпыт, элбэх бэйэбит курдук оҕолору кытта алтыһыахпыт, уопут атастаһыахпыт.
Биһиги төрөөбүт дойдубут Кириэстээх Өлүөнэ өрүс саамай улахан тардыытыгар, Бүлүү эбэ кытылыгар турар. Бу аан дойду устуоруйатыгар киирбит кэрэ-бэлиэ сир: манна аан маҥнайгы саха алмааһа булуллубута, мантан Саха сирин алмааһын промышленноһын сайдыыта саҕаламмыта. БиҺиги Кириэстээхпитинэн киэн туттабыт.
“Sunflowers” хамаанда.
#Научноелето2020онлайн
#МалаяакадемиянаукРС(Я)
#Региональное отделение МАН РС(Я) МБУ ДО «Центр творческого развития и гуманитарного образования школьников» МР «Олекминский район» РС(Я)