Тохсунньу 8-15 күннэригэр өрөспүүбүлүкэ таһымнаах “Инникигэ хардыы” научнай-практическай кэмпириэнсийэҕэ (НПК) Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыттан икки буолан кыттыыны ыллыбыт.
Ол курдук юниордарга 5 кылаас үөрэнээччитэ Дьулус Анисимов “Науки о земле “ география уонна геология секцияҕа “Сталактиты и Сталагмиты” диэн тиэмэнэн (салайааччы А.А. Пестрякова), үрдүкүлэргэ 10 кылаас үөрэнээччитэ Любамира Васильева саха филологиятын секциятыгар “Иннокентий Аксентьевич Дмитриев – Сиэн Чолбодук кэпсээннэригэр айылҕаны ойуулааһын суолтата“ (салайааччы И.И. Васильева) диэн ааттаах дакылаатынан кытынныбыт.
Быйыл хамсык ыарыытынан сибээстээн куйаар ситимин нөҥүө кыттыыны ыллыбыт. Тохсунньу 9 күнүгэр иккиэн кыттарбытыгар долгуйбуппут. Ордук сибээспит баран хаалыа диэн куттал баара. Филология секциятыгар кэмигэр ааҕан, атын оҕолор үлэлэрин истибитим. Онтон Дьулус Анисимов дакылаатын ааҕар бириэмэтэ тутуһуллубакка, наһаа өр күүппүтэ сылаалаах этэ.
Тохсунньу 11 күнүгэр дьүүллүүр сүбэ сүбэлэрин истэн үлэбитигэр саҥа сүүрээни киллэрэргэ бэлэмнэнэбит.
Мин 3 истиэпэннээх дипломунан наҕараадаланан оскуолабар дьоҕус ситиһиини аҕалбыппыттан үөрэбин.
Любамира ВАСИЛЬЕВА, “Чуораанчык” пост чилиэнэ,
Н.И. Прокоьев аатынан Хатыы орто оскуолата.