Горнай улууһун Бэрдьигэстээх нэһилиэгэр ыытыллыбыт оскуола үөрэнээччилэрин «Наука-космоска-технология» научнай конференцияларыгар 2 миэстэлээх дипломунан наҕараадаланным.
Бу күрэххэ Кэбээйи орто оскуолатыттан 3 буолан кыттынныбыт. Уопсайа 230 тахса оҕо уонна улахан дьон республикабыт 5 улууһуттан уонна Дьокуускай куораттан кыттыыны ыллылар.
Чемпионат чэрчитинэн ыытыллыбыт «Космос Мир» научнай-техническэй быыстапкаҕа 22 үлэни аҕалбыппыт. «Марсианскай оонньуулар-2022» роботехникаҕа күрэхтэһиигэ күүспүтүн холонон көрдүбүт.
Киһи сөҕөрө диэн чемпионат бочуоттаах ыалдьыттарынан Татарстантан профессор, физико-математическэй доктора А.В. Малолетов, технологическай наука кандидата, старшай преподаватель О.В. Буличев ыалдьыт, эксперт быһыытынан кэлбиттэр.
«Наука-космоска-технология» научнай конференцияҕа “Изготовление модели ракеты спортивного класса” диэн үлэбин көмүскээтим. Эбии дьарыктаах буоларбытыгар, дьоҕур, сатабыл өттүнэн сайдарбытыгар кыах биэрэр куруһуокпут салайааччытыгар, физика учууталыгар Аксиния Алексеевна Ивановаҕа уонна Василий Павлович Винокуровка уонна Бэрдьигэстээх орто оскуолатын коллективыгар махталбытын тиэрдэбит!
Сандал Обутов, 8 кылаас үөрэнээччитэ,
“Дьоҕур” пресс-киин, Кэбээйи орто оскуолата.