Мин «Кэскил» хаһыаты «Бэлэм буол» эрдэҕиттэн билэрим, суруйтарарым, ааҕарым. Хаһыаты ааҕарга тапталы ийэм Наталья Дмитрьевна уһуйбута. Кини бэйэтин кэмигэр «Мүрү саһарҕата» хаһыат селькора этэ. Итиэннэ Уус Алдан Тумулугар бибилэтиэкэҕэ үлэлээбитэ. Онон дьиэбитигэр өрүү сурунаал, хаһыат суруйтарарбыт.
Ийэм бастакы заметкабын суруйарбар көмөлөспүтэ. Ол заметкам сэттэ саастаахпар «Бэлэм буол» хаһыакка, учууталбар ананан тахсыбыта. Онтон кэлин «Кэскил» хаһыакка үгүстүк суруйарым. Хаһыат ыытар араас күрэхтэригэр кыттарым. Ол курдук, бириистээх миэстэҕэ тиксэн, «Михаил Светлов» теплоходунан Өлүөнэ очуостарыгар баран турардаахпын. Онно биллэр суруналыыстары, эдэр кэрэспэдьиэннэри кытта билсэн, сүрдээҕин сайдыбытым. Суруналыыс идэтин хайаан да баһылыам диэн сыал туруоруммутум. Оскуолаҕа үөрэнэр сылларбар Уус Алдан улууһун Тумул орто оскуолатыгар дириэктэр Татьяна Находкина салайар айар куруһуогар сылдьарым. Элбэх кэпсээни айбытым. Табыллыбатах таптал туһунан кэпсээним эмиэ хаһыакка бэчээттэнэн турардаах. Оччолорго сааһым 13-14 этэ. Ордук сөбүлээн оҕо суруктарын ааҕарым, “Дьоҕур” общество уустук сорудахтарын толорорум. Онтон улаатар сааспар омук тылыгар умсугуйбутум. Улуус, куорат, регион олимпиадаларыгар кыттан, өрүү бириистээх миэстэлэргэ тиксэрим. Инньэ гынан, омук тылын дириҥэтэн үөрэтээри, Уус Алдан Кэптэнитигэр Саха-Бельгийскэй гимназияҕа туттарсан үөрэммитим уонна СГУ омук тылын факультетыгар киирэн, тылбаасчыт идэтин баһылаабытым.
Ол эрээри, суруналыыс буолар дьылҕам син биир батыһа сылдьыбыт эбит. Үрдүк үөрэхпин бүтэрэн, ыал буолан, утуу-субуу икки кыыс оҕону төрөппүтүм. Декреккэ олорон, эдьиийбэр Сунтаарга күүлэйдии тиийдим. Уонна Сунтаар кэрэ айылҕатын сөбүлээн, онно үлэ көрдөөбүтүм. Арай Сунтаар телевидениетигэр кэрэспэдьиэн наада диэбиттэрин истэн, холонорго санаммытым. Үлэҕэ киирэн, икки аҥаар сыл айар үлэ умсулҕаныгар ылларан, олус бэркэ үлэлээн, ол кэннэ дьиэ кэргэммин кытары Дьокуускайга көспүппүт. Дьокуускайга “ВГТРК” Саха сиринээҕи салаатыгар “Вести Саха” кэрэспэдьиэнинэн үлэлээбитим, ол кэннэ кыра кыыспар хат буолан, декретим кэннэ “Саха НКИК” кэрэспэдьиэнинэн, редакторынан, ыытааччынан үлэлээн кэллим.
Кэм-кэрдии ааһара олус түргэн. Улахан кыргыттарым улаата охсон, соҕуруу куорат үрдүк үөрэҕин кыһаларын устудьуона буола оҕустулар. Ол курдук, улахан кыыс Милена Томскайдааҕы политехническэй университет II куурсун, орто кыыс Алина IX кылаас кэннэ Москватааҕы судаарыстыбаннай социальнай университет иһинэн кэллиэскэ I куурус устудьуона. Кинилэр иккиэн Дьокуускайга Нина Алексеева авторскай оскуолатыгар үөрэммиттэрэ. Милена оскуолатын кыһыл көмүс мэтээлинэн, Алина IX кылааһы кыһыл аттестатынан бүтэрбиттэрэ. Кыра кыыспыт быйыл Москва уобалаһыгар I кылааска киирдэ. Кыргыттарбыт сахалыы иитиилээхтэр, төрөөбүт төрүт тылларынан ыраастык саҥараллар. Ол туоһута — өрүү «Чуораанчык» сурунаалы, «Кэскил» хаһыаты суруйтаран аахтарбыппыт буолар.
Билигин төрөппүт буоларбыт быһыытынан, оҕолору үөрэттэрээри, соҕуруу көспүппүт иккис сылыгар барда.
Айар үлэ эйгэтигэр үлэлээбиппин олус истиҥник саныыбын, онуоха тапталлаах «Кэскил» хаһыатым төһүү көмө буолбутугар махтанабын. Үүнэ-сайда, чэчирии тур, оҕо сааһым хаһыата! Киһи хаһыаты ахтар, онон дөрүн-дөрүн ылан ааҕабыт, хаһыат сибиэһэй сытын астынабыт.
Наталья Колесова, суруналыыс, элбэх оҕолоох ийэ, Москва уобалаһын олохтооҕо.
“Кэскил” көҕүлээбит айана ситимниир
Наталья Колесова-Габышеваны кытта Өлүөнэ очуостарыгар “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыат редакцията 1995 с. тэрийбит алыптаах айана ыга ситимниир. Ол сыл атырдьах ыйыгар биһиги, өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан бастыҥ эдкордар, хоһоонньуттар, дуобатчыттар, ырыа айааччылар, уруһуйдьуттар, хаартыскаҕа түһэрээччилэр тапталлаах хаһыаппыт төрүттэммитэ 60 сылыгар анаммыт, көҕүлэммит, үөрэнээччилэргэ аналлаах куонкурустар кыайыылаахтара айылҕа маанылаах сиригэр — Өлүөнэ очуостарыгар “Михаил Светлов” теплоходунан дуоһуйа устар, хаһыат үлэһиттэрин кытары алтыһар, бэйэ-бэйэбитин кытары бодоруһар чиэскэ тиксибиппит.
Теплоходка биэс күн олус түргэнник, сэргэхтик, кэрэ түүл курдук умсулҕаннаахтык ааспыта. Суоттуга “Доҕордоһуу” мусуойугар үгүстүк аахпыт суруйааччыбыт Суорун Омоллоон кэс тылын, умсугутуулаах кэпсээнин истибиппит. Ол онно билигин “Кэскил” бэчээт кыһатыгар үлэлиир Ульяна Павловалыын норуодунай суруйааччыттан блокноппутугар бастакынан автограф ылбыппыт, ол хаартыскабыт “Саха-Азия оҕолоро” норуоттар икки ардыларынааҕы фонд бэчээттээбит брошюратыгар, “Юность Севера” хаһыакка бэчээттэммитэ. Биэс күн устата “Михаил Светловка” тапталлаах хаһыаппыт үлэһиттэрэ хас биирдии оҕоҕо болҕомтолорун ууран, араас куонкурустары, күрэхтэһиилэри, оонньуулары сатабыллаахтык, кэрэхсэбиллээхтик тэрийбиттэрэ. Мин икки куонкуруска бастаабытым иһин, ханнык этэрээккэ сылдьарбын талларбыттара: эдкордары кытары буолаҕын дуу, эбэтэр, эдэр поэттары кытары дуу диэн. Мин поэттар бөлөхтөрүн талбытым. Ону Амма Аччыгыйын кытары биир кабинекка уһуннук үлэлээбит суруналыыс Николай Прокопьевич Васильев салайбыта. Быйыл “Айар” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Исповедь исчезнувших” диэн ааҕыллымтыа кинигэ ааптара, оччолорго “Кэскил” суруналыыһа Нина Дьячковская теплоход араадьыйатыгар анаан, миигин кытта кэпсэппитин, онуоха А. Алябьев “Соловейын” иҥнэн-толлон турбакка, академическай ньыманан толорбуппун өйдүүбүн. Кэлин Нина Егоровна көрүстэхпитинэ, ону мэлдьи санатааччы.
Уус Алдан оҕолоро ити айаҥҥа хаһыа да этибит. Ол курдук, “Тумул уоттара” эдкорпост иитиллээччилэрэ бааллара, кинилэр истэригэр Наташа Габышева. Наташа “Кэскилгэ” үгүстүк бэчээттэнэрэ. Сүрдээх дьоһун, билиигэ-көрүүгэ баҕалаах оҕо этэ. Кэлин кинини СГУ-га, француз тылын салаатыгар үөрэнэ сырыттаҕына, “Бэлэм буол”-“Кэскил” хаһыат 65 сыллаах үбүлүөйүгэр “Өлүөнэ очуостарыгар сылдьыбыттар” диэн бөлөх тэрийэн, редакцияны эҕэрдэлиир үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ Оҕо Дыбарыаһыгар ыҥырбытым. Онно круизка сылдьыбыттар Лариса Сыромятникова, Матрена Прокопьева, Алексей Степанов, Наташа Габышева буолан, сценаҕа тахсыбыппыт.
Быйыл күһүн Наталья Ивановна Колесова “Кэскил” хаһыат кэлэр 2022 сылга сурутуутун Уус Алдан Лөгөйүгэр олорор элбэх оҕолоох Клавдия Гаврильевна Дегтярева дьиэ кэргэнигэр анаата. Онон Наталья Колесоваҕа биһиги махталбыт улахан.
Жанна Леонтьева.