Ньурба улууһун Хатыы орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Нарина Иванова быйыл аан бастакытын өрөспүүбүлүкэтээҕи «Инникигэ хардыы» научнай-практическай конференцияҕа кыттыыны ылар.
Нарина научнай үлэтин нуучча тылын филологиятын хайысхатыгар «Символика цвета в стихотворениях Анны Ахматовой» диэн тиэмэҕэ суруйда. Салайааччыта — нуучча тылын уонна литературын учуутала Туйара Григорьевна Николаева.
Нарина Иванова кэпсиир:
— Өрөспүүбүлүкэ түһүмэҕэр аан бастакытын кытынным. Ол иннинэ муниципальнай түһүмэхтэргэ кыттарым. Бэйэм 20 үйэ классик суруйааччыларын интэриэһиргиибин, сөбүлээн ааҕабын. Сөбүлүүр суруйаачыларым: А.С. Пушкин, А.А. Ахматова, В.В. Маяковский, Н.В. Гоголь, А.П. Чехов уо.д.а. Билигин оҕолор классическай литератураны ааҕаллар, ол гынан баран, ааҕааччылар — аҕыйахтар. Үксэ оҕо ыарырҕатара буолуо дии саныыбын.
Анна Ахматова хоһоонноругар үксэ хара уонна маҥан өҥнөрү туттар эбит диэн түмүккэ кэллим. Ити өҥнөрү туттара кини ордук санаарҕаабыт, туоххаһыйбыт кэмнэригэр суруйбут хоһоонноругар арылхайдык көстөр. Революция кэмигэр поэтесса ордук кыһыл өҥү туттубут. Онтон араҕас өҥ ыарыы уонна олохтон сылайыыны көрдөрөр. Уонна Анна Ахматова хоһооннорунан бэйэтин ис туругун тиэрдэр кыахтааҕа, маныаха кини араас символлары туттара, киһи болҕомтотун, киһи уйулҕатын ордук таарыйар дии санаатым.
keskil14.ru