Идэ диэн тугуй? Дьоннорбут ханнык идэлээхтэрий? Араас элбэх идэ баар. Олортон бэйэҥ сөбүлүүр идэҕин талар уустук. Хас биирдии киһи бэйэтэ сөбүлүүр идэтин талан ону баһылыахтаах. Оҕо барыта улааттаҕына, туох үлэһит буолуоҕун саныыр, толкуйдуур. Идэни сөптөөхтүк таларга олук ууруу, идэлэр туох суолталаахтарын, туһалаахтарын туһунан «Кидбург-детский город профессий» бырайыакка билсэбит. Холобур, эбии үөрэхтээһин учуутала, быраас, логист уонна ГИБДД үлэһитэ.
Олус наадалаах уонна биир ыарахан идэлэртэн биирдэстэрэ — быраас идэтэ буолар. Биһиэхэ Намнааҕы киин балыыһаттан врач Ольга Ильинична кэлэн маастар кылаас ыытта.
Мин санаабар туохтааҕар да күндү баай бу олоххо киһи доруобуйата буолар. Кыра сааспытыттан бэйэбит доруобуйабытын көрүнэ, харыстана сылдьыахтаахпыт. Септеех режимы тутуһуохтаахпыт, элбэхтик хамсанан спордунан дьарыктаныахтаахпыт диэн биир санааҕа кэллибит.
Коля Туприн, IV кылаас үөрэнээччитэ.