Тыл — омук тыына, кута-сүрэ, баайа-дуола. Оскуола оҕолорун патриотическай тыыҥҥа иитиигэ, оҕо ийэ тылын билэригэр хайысхаламмыт «Эркээйи эргиирэ» бырагыраама чэрчитинэн айар үлэ күрэҕэ буолла.
Күрэхтэһиини «Түөлбэ»оҕо киинэ иилээн-саҕалаан ыытта. Күрэхтэһии сыала-соруга: Үүнэр көлүөнэни ийэ тылынан сайа саҥарыгар уһуйуу, доҕордоһуу, сомоҕолоһуу, үтүө санаалаах буолуу,төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэрии. Күрэхтэһии очнай-дистанционнай ньыманан ааста. Дьүүллүүр сүбэ кыттааччы туттан-хаптан (сценическай культура), толорооччу куолаһын, дикциятын, сөпкө саҥарарын, көрөөччүгэ сөптөөхтүк тиэрдэрин сыаналаата. Уопсайа, 15 биирдиилээн уонна бөлөҕүнэн ааҕааччы кытынна.
Дьүүллүүр сүбэ түмүгүнэн Айыына Скрябина, сал. Н.К.Сивцева (III кылаас, Нам 1 №–дээх оск.) бастаата, иккис Инесса Романова, сал. Х.Ю.Романова, А.Е.Потапова (I кылаас, Нам 1 №–дээх оск.) , үһүс Айхал Алексеев, сал. Н.К.Сивцева (III кылаас, Нам 1 №–дээх оск.) буоллулар.
Көрөөччү биһирэбилин Н.В.Сыромятникова салайааччылаах «Бэһиэлэй оҕолор» куруһуок иитиллээччилэрин бөлөҕө ылла. Маны сэргэ кэпсээни, остуоруйаны ааҕааччыга тириэрдии,сэҥээрдии, толору арыйыы, сааһылаан суруйуу, ойуулуур-дьүһүннүүр ньымалары табыгастаахтык туһаныы ирдэбиллэригэр олоҕуран, оҕолор үлэлэрин сыаналаатылар. Бу көрүҥҥэ кыттааччыларга туоһу сурук туттарылынна.Тэрийэр бөлөх аатыттан бары кыттааччыларга махтанабыт уонна айар үлэҕэ өссө үрдүк ситиһиилэри баҕарабыт.
Надежда Семенова, «Төрөөбүт кыраай» куруһуок салайааччыта.
Намнааҕы «Түөлбэ «оҕо киинэ.