Намҥа маассабай спорт саҥа көрүҥүн – функциональнай многоборьены (кроссфиты) саха национальнай оонньууларын кытта дьүөрэлииллэр. “Хатан” спорткулууп салайааччыта бу бырайыагынан РФ Президенин Владимир Путин Гранын ылан турар. Билигин манна 80-тан тахса эдэр уонна орто саастаах дьон дьарыктанар. Оҕолор да хаалсыбаттар.
Нам улууһугар “Хатан” спорткулууп салайааччыта Афанасий Назаров кроссфиты кытта саха национальнай көрүҥнэрин дьүөрэлээн дьарыктыырын нэһилиэнньэ сэргээбит. Ордук улаатан эрэр уолаттар бу көрүҥү сөбүлээбиттэр.
— Биһиэхэ атын секцияларга дьарыктанар кыах баар эрээри, манна тренер хас биирдии киһиэхэ тус сыһыана, уустук да эрчиллиини үчүгэйдик быһаарара, өйдөтөрө сөбүлэттэ. Дьарыкпытын биири да көтүтэ иликпит, — дэһэллэр Нам улууһун гимназиятын 9 “а” кылааһын үөрэнээччилэрэ Заровняев Дуолан уонна Новгородов Айтал.
Уолаттар үөрэхтэригэр мэһэйдэтиэхтээҕэр дьарыкпыт туһалыыр эрэ дииллэр. Күҥҥэ аҕыс-тоҕус уруок кэннэ дьарыкка тиийэн сылааларын таһаараллар, күүс эбинэллэр.
— Функциональнай многоборье (кроссфит) саха көрүҥнэрин кытта холбонон, дьарыктанар киһи тулуурдаах уонна күүстээх эрэ буолбакка, ону таһынан имигэс уонна сымса буолар. Былчыҥ эбиллэр, — диэн санааларын үллэстэллэр.
Дуоланнаах Айтал бэйэлэрин кылааһынньыктарын уонна улахан кылаас уолаттарын кытта туспа бөлөхтөөхтөр. Бириэмэлэрин туһалаахтык атааран, күүс-уох эбинэн астынан бараллар. Нэдиэлэҕэ үстэ дьарыктаналлар.
Афанасий Назаров РФ Президенин Гранын ылыаҕыттан үлэтэ лаппа элбээтэ. Киниэхэ саҥа сайдар саҕахтар арылыннылар. Ол курдук хас нэһилиэк аайы босхо дьарыктары, маастар-кылаастары ыытан саҕалаата. Кэнэҕэскитин дэриэбинэлэргэ спортинструктордар секция арыйан дьону дьарыктыахтара. Оччоҕо “Хатан” кулууп айан таһаарбыт маассабай спорт саҥа көрүҥэ ыыра кэҥиэҕэ, дьарыктанааччы ахсаана лаппа элбиэҕэ. Мантан саас YouTube-ханаалга оҕолорго аналлаах биэс видеоуруок тахсыаҕа. Улахан дьоҥҥо эмиэ биэс видеоролигы Афанасий доҕоро Яков Протопопов оҥоруохтаах. Оччоҕо саҥа саҕалааччылар дьиэ да иһигэр эрчиллэр кыахтаныахтара. “Хатан” кулууп төрүттээбит саҥа спорт көрүҥэ улууска эрэ буолбакка, өрөспүүбүлүкэҕэ тарҕаныа.
Бэйэ инф.