«Сосновый Бор» оҕо доруобуйатын чэбдигирдэр уонна сынньанар лааҕыр «Будь здоров» бырагыраама тэрийэн, халаантан эмсэҕэлээбит Нам улууһун оҕолорун сынньана ыҥырда.
Нам улууһун 4 нэһилиэгиттэн уопсайа 120 оҕо кэлэн сынньана сылдьаллар. Лааҕыр ыам ыйын 22 күнүттэн бэс ыйын 7 күнүгэр диэри үлэлиэҕэ. Оҕолор манна 16 күн устата 3 этэрээккэ арахсан эттэрин-сииннэрин эрчийиэхтэрэ, араас тэрээһиннэргэ кыттыхтара, саҥа доҕордонон, күүс-уох ылан дьиэлэригэр төннүөхтэрэ.
Сиһилии видеоролик көрүҥ:
Анастасия Местникова,
уһулла, таҥан оҥордо Саргылаана Кондратьева.