Үгэс быһыытынан Дьокуускайга балаҕан ыйын тиһэх өрөбүллэригэр СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ ас-үөл, бэйэ оҥорон таһаарар бородууксуйа өрөспүүбүлүкэтээҕи дьаарбаҥка-быыстапкатын тэрийэр. Ол курдук, балаҕан ыйын 24-25 күннэригэр Саха сирин фермердэрэ, оҥорон таһаарааччылара, агро хайысхалаах оскуолалара Комсомол болуоссатыгар муһуннулар. Икки күннээх атыы-эргиэн дьаарбаҥката улахан далааһыннаахтык ыытылынна. Быйылгы тэрээһин Саха АССР уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ төрүттэммиттэрэ 100 сылларыгар ананна.
Агро хайысхалаах оскуолалар үлэлэрин көрүү түмүгэр «Бастыҥ агрооскуола» анал аат 1 степеннээх дипломунан Модут орто оскуолата (дириэктэр Михаил Егорович Новиков) наҕараадаланна. Иккис миэстэни М.Т. Егоров аатынан Үөһээ Бүлүү 2 нүөмэрдээх оскуолата (дириэктэр Алексей Николаевич Федоров), 3 миэстэни Амма улууһун Н.Е. Иванова аатынан Бөтүҥ орто оскуолата (дириэктэр Акулина Семеновна Иванова) ыллылар.
Бүгүн биһиги Модут агро хайысхалаах орто оскуолатын дириэктэрин Новиков Михаил Егоровиһы кытары кэпсэтэбит уонна сүрүн ыйытыыбытыгар: «Ситиһии төрдө туохханый?» хоруйдууругар көрдөстүбүт.
Оскуолабыт үөрэнээччилэрэ идэ ылалларыгар үлэлэһэбит
— Оскуолабыт иһинэн үлэ-сынньалаҥ лааҕырын тэрийэбит. Быйылгы сезоҥҥа лааҕырбытыгар оскуолабыт иһинэн үлэлиир бизнес-инкубатор чэрчитинэн повар идэтин арыйан үлэлэттибит. Ол курдук, икки үөрэнээччибитин Үлэлээх буолуу киинин кытары сөбүлэҥ түһэрсэн, хамнастаан (ыйга — 15 тыһ. солк.), лааҕырга үлэҕэ ылбыппыт. Бу оҕолор «Мин маҥнайгы идэм» Арктикатааҕы агротехнологическай судаарыстыбаннай университет бырайыагар киирсэн, онно үөрэнэн, повар идэтин баһылаатылар. Маны таһынан былырыын Намнааҕы техникуму кытары дуогабар түһэрсэммит, 18 оҕону «В» категориялаах массыына ыытар быраап дастабырыанньатын ылалларыгар үөрэппиппит. Төлөбүрүн аҥаарын оскуола, аҥаарын төрөппүт уйуммута.
Икки сыллааҕыта оскуолабытыгар бизнес-инкубатор тэриллибитэ, ол чэрчитинэн оҕолор столяр, иистэнньэҥ, повар, массыына дьыалатыгар, ЭВМ оператора идэлэргэ үөрэнэллэр, оскуоланы бүтэрэллэригэр туоһу суруктаах бүтэрэллэр. Быйыл оскуолабыт «С» категориялаах «Беларусь» тракторы ыытарга быраап ыларга үөрэх лицензиятын ылан турар. Онон баҕалаах оҕолор манна миэстэтигэр үөрэнэллэр, маны таһынан нэһилиэнньэттэн эмиэ сайаапкалары ылабыт. Инникитин повар идэтигэр дастабырыанньа биэрэргэ үлэлэһиэхпит.
Үлэ-сынньалаҥ лааҕырын сөпкө дьаһанан үлэлэтэбит
Быйыл хонуктаах үлэ-сынньалаҥ лааҕырын 3 сезонун үлэлэттибит. Барыта 48 оҕо сырытта. Нам эрэ улууһуттан буолбакка, Өймөкөөнтөн, Анаабыртан, Амматтан, Дьокуускайтан оҕолор кэлэн сынньаннылар, кууруссаны, оҕуруот аһын көрдүлэр, ас астыырга үөрэннилэр. СӨ Үөрэх уонна наука министиэристибэтин «Оҕо сайыҥҥы лааҕырдарын чөлүгэр түһэрии» бырагырааматынан икки саҥа ититиинэн хааччыллыылаах лааҕыр дьиэлэрин тутан үлэҕэ киллэрдибит. Итини таһынан 6 оҕо суунар миэстэлээх душ, тахсан киирэр сир туттубут. Лааҕыр икки эргэ дьиэтин: биирин — кинотеатр, иккиһин — оҕо ааҕар, сынньанар дьиэтин оҥордубут. Онтон остолобуойбутугар толору хааччыллыыны киллэрэн, уотун, муостатын саҥаттан уларыттыбыт. Ити курдук лааҕырбытыгар барыта 7 объектаах үлэлии олоробут. Билигин биһиэхэ саҥа оскуола тутулла турар буолан, оскуола таһынааҕы учаастактан теплицаларбытын барытын лааҕырга көһөрөн аҕалбыппыт, саҥаттан хортуоска сирин тиэрэн оҥордубут. Онон сайын аайы аны оҕуруоппут барыта лааҕырга олордуллар буолла.
Оскуолабыт иһинэн ТХПК баар
Бэйэбит 28 төбөнү көрөн олоробут. Бу күҥҥэ 110 тонна оту оттоотубут, онон кыстыгы туоруур от баар. Билигин от үлэтэ бүтэ илик, дьоммут оттуу сылдьаллар. Кыстыкпыт таһынан баар оту атыыга ыытыахтаахпыт. Онон быйылгы дьаарбаҥкаҕа бэйэбит эппитин, сүөһү иһин, хаанын атыылаатыбыт.
Быыстапкабыт биир дойдулаахпыт Максим Аммосов үрдүк аатыгар ананна
Быйылгы тыа хаһаайыстыбатын аһын-үөлүн дьаарбаҥкатыгар 16 киһи буолан сырыттыбыт, бары тустаах исписийэлиистэр кыттыыны ыллылар. Биир дойдулаахпыт, сүгүрүйэр киһибит Максим Кирович Аммосов 125 сылыгар аналлаах тематическай көрдөрүүнү туруордубут. Оччотооҕу бириэмэни көрдөрөр хаартыскаҕа түһүү сирин, музей малларын көрдөрүүгэ аҕалан туруорбуппут. Инсценировкаҕа бэйэм Максим Кирович Аммосов оруолун оонньоотум. Маны таһынан, бэйэ бородууксуйатын, эппитин, ис-хаан, оҕуруот аһын арааһын, үөрэнээччилэрбит оҥорбут оҥоһуктарын атыылаатыбыт. Кэлбит ыалдьыттары итии чэйинэн, алаадьы буһаран күндүлээтибит.
Быыстапкаҕа кыттарга эрдэттэн бэлэмнэнии үлэтэ ыытыллыбыта, ыам ыйыгар улууска ыытыллыбыт дьаарбаҥкаҕа маҥнайгы миэстэни ылбыппыт, онтон Бөтүҥҥэ сайыны көрсөр сайылыктаахтар күрэхтэригэр 3 миэстэни ылан турабыт. Бары күргүөмүнэн, оҕолуун-учууталлардыын бары саба түһэн, бу үрдүк ааты ылары ситистибит. Онон үөрэнээччилэргэ, кэллиэгэлэрбэр, кэлэктииппэр, төрөппүттэргэ махталым муҥура суох.
Саҥа оскуола тутулла турар буолан, билигин уустук соҕустук олоробут. Эргэ оскуола көтүрүллэн, 4 объегынан арахсан үөрэнэ олоробут. Бу күннэргэ оскуолабыт 20 сылыгар анаммыт «Модутум агро үөрэҕин кыһата — тыа сирин сайыннарар» кинигэбит сүрэхтэниитигэр бэлэмнэнэбит. Саҥа оскуолаҕа киирдэхпитинэ, үлэбит тиһигэ өссө күүскэ оргуйуо, саҥа былааннар олоххо киириэхтэрэ диэн бигэ эрэллээхпит.
Кэпсэттэ Анна СЛЕПЦОВА.