Орто анал үөрэххэ докумуоннары 2020 сыл бэс ыйын 20 күнүттэн туталлар. Быйыл урукку сыллартан уратыта диэн докумуону СӨ үөрэххэ өҥөтүн порталын нөҥүө электроннай ньыманан ылаллар. Сайабылыанньаны электроннай ньыманан бэлиэтээһин (регистрация) интэриниэккэ бэс ыйын 20 күнүттэн үөрэх порталыгар үлэлиир.
Намнааҕы техникум (ГБПОУ РС(Я) «Намский техникум»)
Аадырыһа: 678386, Нам улууһа, Граф Биэрэгин сэл., Советскай уул., 20
Тел/факс: 8 (41162) 23-0-41, 23-3-54, 89243690242.
Электроннай почта: pl2upr@mail.ru, priem_nt@mail.ru (сайабылыанньа былааҥкатын техникум саайтыгар namteh.3dn.ru «абитуриент» диэн сирэй хачаайдыыгыт).
Ханнык докумуоннар ирдэнэллэрий?
- сайабылыанньа;
- пааспар куоппуйата (булгуччу);
- хаартыска 3х4 кээмэйдээх 4 устуука;
- аттестат куоппуйата эбэтэр дьиҥнээҕэ (булгуччу).
Быйыл Намнааҕы техникум маннык идэлэргэ үөрэххэ ылар:
Мастер общестроительных работ
IX кылаас кэннэ 2 сыл 10 ый үөрэнэллэр.
Мастер общестроительных работ кэнниттэн тутуу тэрилтэтигэр үлэлиир буолаллар. Кинилэр онно арматура баайааччынан, бетонщигынан, таас дьиэни тутууга ханнык баҕарар тутуу тэрилтэтигэр үлэ көстүөн сөп. Техникум бүтэрээччилэрэ прозводственнай практикаларын улахан тутуу тэрилтэлэригэр ааһааллар. Холобур, “Нам-Строй” тутуу тэрилтэни кытта техникум дуогабардаах. Тутааччылар хамнастара ортокута 35-40 тыһыынча солк. буолар. Кэминэн үлэлээн истэххинэ үрдүүр.
Повар-кондитер
IX кылаас кэннэ 3 сыл 10 ый үөрэнэллэр.
Повар-кондитер үөрэҕи бүтэрдэҕинэ, ханнык баҕарар ас астыыр (ресторан, кафе, оскуола, уһуйааҥҥа уо.д.а.) тэрилтэҕэ үлэлиэн сөп. Онон бу идэ билигин дьоҥҥо олус туһалаах, наадалаах. Хамнаһа 45-50 тыһыынча курдукка тиийэр. Өр үлэлээтэхтэринэ син биир хамнастара үрдүүр. Сорох оҕолор үөрэх кэмигэр бэйэлэрэ бизнес-былаан толкуйдаан, чааһынай урбаан тэринэллэр. Үчүгэй көрдөрүүлээх устудьуоннары кытта тэрилтэлэр эрдэ дуогабар түһэрсэн үлэлэтэллэр.
Мастер по ремонту и обслуживанию автомобилей
XI кылаас кэннэ 10 ый үөрэнэллэр.
Манна үөрэммит оҕолор “C” категория “корочкатын” ылаллар. Ол кэннэ праваҕа үөрэнэллэр. Бары туттараллар. Уолаттар үксэ “дальнобойщик” улахан массыына суоппара буола сатыыллар. Сорохтор бэйэлэрэ автосервис, шиномонтаж арыналлар. Ону үөрэххэ практиканы ааһарга техникум чааһынай, судаарыстыбаннай тэрилтэлэри кытта дуогабардаах, онон бу идэни кытта чопчу билсиэххитин сөп. Бу идэҕэ хамнаһа үксэ төһөнү үлэлээбиккинэн ааҕыллар.
Сварщик
XI кылаас кэннэ 10 ый үөрэнэллэр.
Сварщик идэтэ куруук баар буолуоҕа, хаһан да сүтүө суоҕа. Ханнык баҕарар оҥорон таһаарар салаа сварщиктара суох сатаммат. Промышленность, коммунальнай хаһаайыстыба, дьиэни тутуу, массыынаны оҥоруу.
Сварщик – худуоһунньук кэриэтэ киһи. Кини талааннаах эрэ буолбакка, кыһамньылаах буолуохтаах. Оччоҕо эрэ үчүгэй хаачыстыбалаах үлэни оҥорор. Хас биирдии киһи бэйэтин талаанын чочуйа сырыттаҕына сайдар. Биһиги кииммит оҕолору эрэ буолбакка, улахан дьону эмиэ сайыннарар соруктаах. Онон бу идэни баһылаан, үлэлээн-хамнаан, кылгас кэм иһигэр элбэх хамнаһы ылыаҥ.
Ньургун Осипов:
– Мин Сунтаар орто оскуолатын IX кылааһынан бүтэрбитим. Дьиэ кэргэммэр бииргэ төрөөбүт үспүт, мин улаханнарабын. Волейболунан, тустуунан дьарыктанабын. II кууруска үөрэнэ сылдьан, устудьуон этэрээтинэн Сочига, оттон быйыл III кууруска Южно-Сахалинска үлэ үгэнигэр сылдьабын.
Намнааҕы техникумҥа “повар-кондитер” идэтигэр үөрэнэбин. Үөрэхпэр үчүгэйбин, бөлөхпөр лиидэрбин уонна техникум бэрэсэдээтэлэ буолабын. Маҥнайгы куурустан саҕалаан, World Skills күрэххэ кыттабын, Нам улууһун нэһиэлиэктэригэр маастар кылаастары көрдөрөбүн. Мин кыра эрдэхпиттэн асчыт буолуохпун баҕарар этим. Ийэм асчыт, биһигини ас астаан хааччыйар этэ, кинини холобур оҥостон мин бу идэни кэрэхсээбитим. Үөрэхпин бүтэрдэхпинэ, үчүгэй хамнастаах үлэлэнэн, дьиэ кэргэммин хааччыйыам.
Туяра Евсеева:
– Мин Нам улууһун Хатыҥ-Арыы Аппааны нэһилиэгиттэн төрүттээхпин, Намнааҕы техникум II куурус устудьуона буолабын. Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгин Граф Биэрэгэр суоппардары, тутуу үлэһиттэрин, сварщиктары, асчыттары бэлэмниир үөрэх кыһата. 300 тахса оҕо Саха сирин араас улуустарыттан кэлэн үөрэнэллэр.
Бэйэм “Повар-кондитер” идэтигэр үөрэнэбин. Мин ас астыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Ис-испиттэн үөрэн туран араас бүлүүдэлэри астыырбын туохтааҕар да ордоробун. Бэрэски да буоллун, бөрүөк да буоллун… Оскуолаҕа сылдьан, биир кэмҥэ: “Кондитер-кулинар идэтигэр үөрэммит киһи дуу?” – диэн санаабытым туолла.
Павел Ильин.