Билэрбит курдук, Наммыт улууһугар хоту эҥэр нэһилиэктэр: Граф Биэрэгэ, Модут, Бөтүҥ, Хатырык, Маймаҕа халаан уутуттан күүскэ эмсэҕэлээн, көмөҕө күннэтэ наадыйаллар. Улуус дьоно, тэрилтэлэр туора турбакка, туох кыалларынан илиилэрин утары ууналлар.
Нам улууһун Үөрэҕин управлениета ыам ыйын 21 күнүнээҕи 1/727 №-дээх «Ууттан эмсэҕэлээбиттэргэ көмө» ыҥырыытыгар олоҕуран, улуус бары оскуолаларын уонна детсадтарын үлэһиттэрин аттаран, халаантан эмсэҕэлээбит нэһилиэктэргэ ыытаталаан көмөлөһө сылдьаллар.
Ол курдук, И.С. Гаврильев аатынан Нам 1-кы №-дээх орто оскуолатын учууталлара, үлэһиттэрэ ыам ыйын 21 уонна 23 күннэригэр Хатырык нэһилиэгэр сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри сырыттылар. Эвакопуҥҥа олорор уонна ыраастаныы, газ, уот, суолу сөргүтүү үлэтигэр кэлбит дьону итии аһынан хааччыйдылар.
Лена Корякина,
Нам улууһа