Илья Егорович Винокуров саха норуотун өйүгэр-санаатыгар Аҕа дойду сылларыгар дьону-сэргэни аччыктаан өлөр ыар дьылҕаттан быыһаабыт күүстээх санаалаах салайааччы быһыытынан хаалбыта. 1943-1946 сс. САССР норуодунай комиссардарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ, 1946-1952 сс. Коммунистическай партия Дьокуускайдааҕы обкомун бастакы сэкирэтээрэ дуоһунаска үлэлээбитэ.
Өскө 1939 сыллаах биэрэпискэ саха ахсаана 240 эбит буоллахтарына, 1949 сыллаахха 140 эрэ хаалбыт. Сэриигэ 37 тыһыынча саха саллаата сэрии хонуутугар охтубут, онтон 60 – бу тыылга хаалан аччыктаан, тоҥон-хатан өлбүт оҕо-дьахтар, кырдьаҕастар эрэйдээхтэр этэ. Бу кэмҥэ кураан сыллар туран, сут дьыллар ааҥнаабыттара, ону эбиитин оччотооҕу партия обкомун салалтата нэһилиэнньэҕэ тугу да ордорбокко, барытын сельхозбородууксуйа былаанын толоруутугар хомуйан ылара. Дьон сутаан өлүүтэ өссө улахан буолуоҕун, Илья Винокуров, оччолорго САССР СНК(бырабыыталыстыба) бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта буолан олорон, олохтоох дьон ыарахан балаһыанньатын көрө-билэ сылдьан, толлубакка (оччолорго репрессия үгэнэ) быһаччы СССР салайар уорганыттан көмө көрдөөбүтэ. Бу бүрүүкээбит иэдээн олус улахан буолан, Москватааҕы ЦК ВКП(б) уоргана оччолорго Саха сирин салалтатыгар олорооччулары дуоһунастарыттан устуталаабыта. 1943 с. САССР СНК(бырабыыталыстыба) салайааччытынан И.Е.Винокуров ананан, сут-хоргуйуу туоратыллыбыта. Ылбыт миэрэлэрэ: хас биир холхуостаах ыалга биирдии ынах сүөһүнү босхо биэрии, холхуостаахтар судаарыстыбаҕа иэстэрин сотуу, бэриллэр бурдук өлүүтүн (лимит) элбэтии, сайын баҕалаах ыалга кымыс иһэллэригэр биэлэри түҥэтии, кыһалҕалаах ыалга көмө оҥорон пуондалары тэрийии, үлэһиттэргэ итии аһылыгы тэрийии, хоту көһүүгэ ыытыллыбыт Чурапчы олохтоохтоохторун улуустарыгар төннөрүү о.д.а.
Үлэлиирин тухары, Илья Егорович элбэх оскуоланы, медпууну, сэллик балыыһатын, санаторийы, ас-табаар ыскалааттарын о.д.а.нэһилиэнньэҕэ наадалаах тутууну тэрийбитэ. Олохтоох бырамыысалыннас сайдарын туһугар киллэрбит кылаата үгүс: наука, сири чинчийии, туһалаах хостонор баайы үөрэтии…Бу кэмҥэ олохтоох бырамыысалыннас бородууксуйатын оҥорон таһаарыы 56,7 % үрдээбитэ, ол иһигэр булчуттар 9 мөлүйүөн солк.суумаҕа былааны таһынан түүлээҕи туттарбыттара. Фроҥҥа көмөнү оҥоруу тэрээһиннээхтик барбыта.
Нам улууһун И.Е.Винокуров аатынан Хатыҥ-Арыы орто оскуолатын 11 кылааһын үөрэнээччилэрэ биир дойдулаахтарын туһунан киэн тутта суруйаллар.
МИН ХОЛОБУР ОҤОСТОР КИҺИМ – ИЛЬЯ ВИНОКУРОВ
— Биһиги биир дойдулаахпыт, Илья Егорович Винокуров, уһулуччулаах государственнай уонна политическай деятель быһыытынан саха норуотун ыарахан дьылҕатын тэҥҥэ үллэстибит, өлөртөн-сүтэртэн быыһаабыт, кэскиллээх олоххо үктэннэрбит күүстээх санаалаах, мындыр өйдөөх Саха сирин чулуу уола, чаҕылхай патриота буолар. Мин кинини холобур оҥостобун. Кини олоҕо, үлэтэ-хамнаһа миигин күүстээх санаалаах буоларга, төрөөбүт дойдубун таптыырга, ытыктыырга, харыстыырга уонна төһө да олоххо уустук күннэр кэлбиттэрин иһин тостубакка, инниҥ диэки баран иһэргэ үөрэтэр. Норуотун туһугар бэриниилээх үлэтин, сырдык сайдыылаах олохпут иһин эдэр ыччат аатыттан махталбын аныыбын!
-Саха норуотун биир бастыҥ, киэн туттар, олоҕун норуотугар анаабыт чаҕылхай уолунан биhиги биир дойдулаахпыт Илья Егорович Винокуров буолар. Төрөөбүт норуотун туһугар элбэх үтүөнү оҥорбута, саҥа саҕахтары арыйбыта. Аҕа дойду Улуу сэриитин сылларыгар хоргуйан үгүс улуус дьонун-сэргэтин өлөртөн быыһаабыта. Кини норуотун туhугар дьаныардаахтык туруорсубута уонна олоҕун устата дьулуурдаахтык, бэриниилээхтик сулууспалаабыта. Мин И.Е.Винокуровы холобур оҥостобун. Төрөөбүт дойдубун кини курдук таптыырга, төрөөбүт норуоппар кини курдук бэриниилээх буоларга кыһаллыам. Овчинникова Сандаара:
— Саха сирэ киэн туттар дьонуттан биирдэстэрэ биһиги биир дойдулаахпыт Илья Егорович Винокуров буолар. Кини норуотун туһугар элбэҕи оҥорбут: сэрии сылларыгар норуотун аччыктааһынтан быыһаабыт, тыа хаһаайыстыбатын, культура, литература, доруобуйа харыстабылын, үөрэхтээһин өттүнэн республикабыт сайдыытыгар кылаатын киллэрбит сатабыллаах салайааччы этэ. Эдэр сааһыгар олох ыарахаттарыттан толлубакка, Илья Егорович эрдээхтик иннин хоту баран испитэ сөхтөрөр. Кини олоҕун ыарахан кэмигэр да ыһыктынан кэбиспэтэҕэ, элбэҕи ситиспитэ, дьон-норуот махталын ылбыта. Төрөөбүт сирин биир киэн туттар уһулуччулаах киһитинэн ааҕыллар. Билиҥҥи ыччаттар кинини холобур оҥостуохтаахпыт.
— Илья Егорович Винокуров — Саха сиригэр эрэ буолбакка, бүтүн дойду үрдүнэн киэҥник биллэр государственнай уонна политическай деятелэ. ВКП (б) Саха сиринээҕи бастакы секретарынан үлэлиир сылларыгар Илья Егорович Сахатын сирин сайдыытыгар улахан кылаатын киллэрбитэ. Кини Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмигэр норуотун хоргуйан өлөртөн быһаабыта, сэллик, харах ыарыыларын тохтотор туһугар үлэлэспитэ, Саха сирин автономиятын көмүскээбит өҥөлөөх. Кини бу ыарахан, ыар сылларга бэйэтин эрэ туһунан санаабакка, норуотун, дойдутун туһугар үлэлии-хамсыы сылдьыбыта. Мин санаабар, хас биирдии өрөспүүбүлүкэбит олохтооҕо биир дойдулаахпытын Илья Егорович Винокуровы өйдүү-саныы, кини аатын ааттата сылдьыахтаах.
— Хас биирдии Саха сирин олохтооҕо биллэр государственнай уонна политическай деятелин Илья Егорович Винокуровы билэр уонна өйдүүр эбээһинэстээх. Саҥа көлүөнэ бу сүдү салайааччы талаанын уонна үлэтин суолтатын өйдүөхтээх. Кини олоҕо уонна үлэтэ урукку Сэбиэскэй Сойуус норуоттарын олохторугар уустук уонна утарсыылаах эпоханы ааспыта. Ол эрээри, бу ыарахан сылларга Илья Егорович оччотооҕу хабыр политическай быһыы-майгы саллаата буолбатаҕа. Дууһатын уонна өйүн-сүрэҕин ыйыытынан салайтарбыта, норуотугар таптаппыта, ытыктаппыта. Мин дьиҥ ис сүрэхпиттэн киэн туттар киһим.
— Биһиги улууспут саха норуотугар Максим Аммосов уонна Илья Винокуров курдук чулуу уолаттары биэрбитэ. Киэн туттар дьоннорбутуттан биирдэстэрэ Илья Егорович Винокуров буолар. Кини норуотун туһугар үгүс элбэҕи оҥорбут дьиннээх патриот буолар. Мин ордук Саха сирин дьонун-сэргэтин өлүүттэн, аччыктааһынтан быыһаабытын туһунан долгуйа саныыбын. Мин санаабар, Илья Егорович төрөөбүт сирин-дойдутун муҥура суох таптыыр, ытыктыыр, төрөөбүт норуотун туһугар ис сүрэҕиттэн ыалдьар киһи буолан, бэйэтин харыстаммакка үлэлээбит. Холобур оҥостобун Кинини… төһө даҕаны олоҕор ыараханы көрүстэр киһи быһыытынан майгытын-сигилитин сүтэрбэтэҕэ, ыарахаҥҥа түбэспит дьоҥҥо куруук көмөлөһөрө, амарах дууһалаах, үтүө майгылаах, истиҥ сыһыаннаах салайааччы этэ.
— Илья Егорович Винокуров 1896с. тохсунньу 1 күнүгэр Куһаҕан Ыал нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Куһаҕан Ыал нэһилиэк чаҕылхай ыччата норуотун туһугар элбэх үтүөнү оҥорбута. Гражданскай сэрии кыттыылааҕа, Саха сирин салайааччыта саха норуотун ыарахан кэмнэригэр күүс-көмө буолбута. Илья Егорович сатамньылаах салалтата уонна дьоһуннаах үлэтэ Аҕа дойду сэриитин кэмигэр норуотун хоргуйар өлүүттэн быыһаабыта. Үс бастакы суруйааччыларбытын тилиннэрбит учуонай Г.П.Башарины туруулаһан көмүскэспитэ. Кинини төһө да самнара сатаан, үрдүк дуоһунаһыттан уһултарбыттарын иһин күүстээх санаатын кыайбатахтара. Онуоха норуотугар, дойдутугар муҥура суох таптала күүс-уох биэрдэхтэрэ. Кырдьык, Илья Егорович Винокуров киһи холобур оҥостор киһитэ.
— Биир дойдулаахпыт Илья Егорович Винокуров — чаҕылхай киһи. Кини оҕо сааһыттан эрэйдээх олоҕу туораан, улуу государственнай уонна политическай деятель буола үүммүтэ. Батараактааһын ыараханын билбитэ, гражданскай сэриини ааспыта. Колхозтары тэрийсибитэ. Намҥа МТС (массыына-трактор станцията) туруорсан үлэлэппитэ. Саха дьонун уоттаах сэрии сылларыгар аччыктааһынтан быыһаабыта. Кэлин Өлөөн оройуонун төрүттээбитэ… Бу барыта И.Е.Винокуров ыраас дууһалаах, мындыр өйдөөх салайааччы буоларын туоһулуур.
— «Чэй эрэ, доҕоттоор, туойуоҕуҥ Эҥсиэли хомпоруун хотойун!» диэн ырыаны долгуйа истэрим. Кырдьык, И.Е.Винокуров үтүө аата Хатыҥ-Арыыга үйэтитиллэр. Кини аатын сүгэр уулусса, оскуола. Кинини холобур оҥостон үүнэллэр-сайдаллар «Ылдьаа Ыччаттара» — оскуолабыт уонна нэһилиэкпит ыччаттарын хамсааһына. Бу буолар, мин санаабар, бар дьон үйэлэргэ умнуллубат таптала, махтала. Норуот туһугар олох… Илья Егорович норуотун туһугар үлэлээбитэ-хамсаабыта, олоҕун анаабыта. Бу оччолорго кыра нэһилиэк уола сири-дойдуну, үлэни өрө тутан, тилийэ көппүтэ, биллиилээх киһи буолан, дойду бастыҥнарын кытта тэҥҥэ хардыылаан, Сахатын сирин, дьонун-сэргэтин ааттаппыта. Дьиҥнээх патриот буоларга, төрөөбүт дойдуну таптыырга, кыайыылаах-хотуулаах буоларга кынаттыыр — Илья Егорович Винокуров!