Дьокуускай — амырыын куорат этэ
«Биһиги устудьуон эрдэхпитинэ, Дьокуускай амырыын, тыйыс куорат этэ. Кыра кыһалҕалаах киһи киэһэ таһырдьа мээнэ тахса сатаабат үлүгэрэ буолара.
Бииргэ үөрэнэр дьүөгэбит үҥкүү ансаамбылыгар сөбүлээн дьарыктанара. Дьарыгар баран истэҕинэ, куорат киин уулуссатыгар билбэт дьоно саба түһэн, киис бэргэһэтин былдьыы сатаабыттар этэ. Ол түмүгэр дьүөгэбит ыйы быһа балыыһаҕа сыппыта. Буруйдаахтары, халабырдьыттары сол курдук булбатахтара. Болуоссакка, уулуссаҕа итирик дьон элбэҕэ. Ыччаттар болуоссакка олорон, күнү-күннүктээн пиибэлииллэрэ, ол барыта буолуохтааҕын курдук ылыныллара», – диэн ахтар 2000 сыллардааҕы СГУ устудьуона С.
Балаһыанньа оннуттан уларыйда дуо? Ол туһунан, ааҕааччылар, бэйэҕит толкуйдааҥ уонна биһиэхэ суруйуҥ эрэ.
Оттон Нам улууһугар V-XI кылаас үөрэнээччилэрэ чөл олох, табах, арыгы буортутун туһунан муус устар 25 күнүгэр «Түөлбэ» Оҕо эйгэтин Киинигэр «Углов ааҕыыларыгар» ырыттылар, кэпсэттилэр. Күн иккис аҥаарыгар оҕолор чөл олоххо анаммыт айымньылары дорҕоонноохтук ааҕыыга күрэхтэстилэр.
– Нам улууһа чөл олоҕу тутуһан олорбута хаһыс да сыла. Өрөспүүбүлүкэҕэ биир бастыҥнар кэккэлэригэр сылдьар, – диир Ульяна БУЛДАКОВА, СӨ Арыгы ырыынагын сүрүннүүр судаарыстыбаннай управлениетын эппиэттээх үлэһитэ. – Саха сирин профессора К.Г. Башарин академик, медицинскэй наука доктора Федор Угловы билэрэ, сирэй көрсүбүтэ. Федор Углов 104 сааһыгар диэри олорбута. Гиннесс рекордугар 100 сааһыгар сүрэх эпэрээссийэтин оҥорон киирбитэ. Хас да научнай арыйыы ааптара, нуучча чулуу учуонайа, чөл олоҕу тарҕатааччы, сырдык киһи этэ.
Надежда ДЬЯЧКОВСКАЯ, «Түөлбэ» киин дириэктэрэ:
– Бүгүн манна Углов ааҕыыларыгар кыттыбыттар оскуолаларыгар тиийэн, атын оҕолору эмиэ чөл олоххо көҕүлүөхтэрэ диэн эрэнэбин. «Түөлбэ» Киин аана хас биирдии баҕалаах оҕоҕо аһаҕас. Муода, иис, кыраайы үөрэтээччилэр, технология, о.д.а. куруһуоктарбытыгар билигин да кэллэххитинэ ылыахпыт. Үтүө дьарыктаах киһи куһаҕаҥҥа ылларбат, бас бэриммэт.
Любовь Маркова, саастарын ситэ илик оҕолор социальнай, реабилитационнай Кииннэрин дириэктэрэ:
– Углов ааҕыыларын биһиги көҕүлээбиппит сэттис сыла. 2002 сылтан намнар «Территория трезвости» бырагырааманы ылан үлэлиибит. Биһиги чөл олохтоох буоллахпытына сайдыылаах дьон буолуохпут.
Алтан чахчы алтан
Дьүүллүүр сүбэ болҕомтотун Нам 2 №-дээх оскуолатын III «А» кылааһын үөрэнээччитэ Алтан ИВАНОВ тарта.
Кини V-VII кылаас үөрэнээччилэрин сиэксийэтигэр саамай кырачаан кыттааччы да буоллар, эрэллээхтик I истиэпэннээх диплому тутта.
Алтан табах буортутун туһунан дакылааты бэлэмнээбит, онтун бэйэтэ оҥорбут мультигынан, оҕолор санааларын камераҕа түмэн, видеосюжет устубутун билиһиннэрдэ, С. Маршак хоһооннорунан кыбытынньыктары (закладкалар) ойуулаан, үлэҕэ айымньылаах сыһыаннааҕын, айар дьоҕурдааҕын көрдөрдө.
– Инникитин мультик оҥоруохпун, табах буортутун туһунан айымньылары суруйуохпун баҕарабын. Хомойуох иһин, сорох улахан кыргыттар табахтыыр «муодунай» дии санаан, соччото суох дьаллыкка ыллараллар. Табахсыт киһи, тыҥата мөлтөх буолан, араак ыарыыга түргэнник ылларар. Аны билигин вэйпинг диэн электроннай сигареталар таҕыстылар. Ити эмиэ туох да үчүгэйэ суох. Киһи табаҕын син биир бырахпат. Иһигэр пропиленгликоль, глицерин, никотин, ароматизатор баар, – диир Алтан.
Бу сиэксийэҕэ уонтан тахса дакылаатчыт кытынна. Оҕолору истэ олорон, Нам 1 №-дээх оскуолатын үөрэнээччилэрэ Дима Захаров, Револий Иванов өйдөөх ыйытыылары биэрэн, сиэксийэ үлэтин лаппа сэргэхситтилэр. Бэйэ-бэйэҕэ интэриэс, ытыктабыл баар буоллаҕына, биллэн турар, сайдабыт.
Аан дойду табахтан аккаастанар
Сиэксийэ айымньылаах үлэтин Аляскаҕа Хотугу Форум Саха сиринээҕи бэ- рэстэбиитэлинэн өр сылларга үлэлээбит Анастасия БОЖЕДОНОВА лаппа сэргэхситтэ:
– Оҕолоор, олох табахтаамаҥ! АХШ-ка олорор кэммэр биирдэ маннык түгэҥҥэ түбэспитим: кыргыттар гарааска табах тарпыттара. Онуоха дириэктэр кэлэн: «Эһиги бу тугу гына олороҕут, мэйиигит араак буолуо», – диэтэ. Ол сэмэлээһин кэнниттэн биир кыыс чахчы табаҕы тарпат буолбута. Иккис кыыс хайдах дьаһаммытын билбэппин.
Оҕолоор, аан дойду табахтан аккаастана олорор. Бэл, аатырбыт миллиардер Билл Гейтс Кытайга табаҕы аччатарга диэн бирикээс биэрбит. Оҕо эрдэххититтэн ыраас, өйдөөх буолуҥ. Табахтыахпыт суоҕа диэн сибилигин андаҕар биэрэҕит?
Оҕолор сонно тута: «Биэрэбит, андаҕайабыт», – диэтилэр.
Хаһыат кэлэр нүөмэрдэригэр сорох оҕолор үлэлэрин салгыы билсиэхпит.
Жанна ЛЕОНТЬЕВА.
Ааптар түһэриилэрэ.
Нам.