Киһи иитиллибит Ийэ сириттэн силлибэт силистээх, төрөөбүт төрүт буоруттан туллубат тууралаах эрэ буоллаҕына, бөҕө куттаах-сүрдээх киһи быһыытынан үүнэригэр, сайдарыгар үтүө үктэллээх, бигэ тирэхтээх буолар.
1922 сыллаахха муус устар 22 күнүгэр — Саха Автономнай Советскай Социалистическай өрөспүүбүлүкэтэ төрүттэммитэ, сурукка докумуоҥҥа киирбитэ. 1990 с. суверенитет туһунан декларацияны ыламмыт, сувереннай өрөспүүбүлүкэбит хаттаан саҥа Конституцияламмыта. Ол кэмтэн ыла саха олоҕор уларыйыы киирбитэ.
Саха сирэ статус ылынан Российскай федерация иһинэн государство буолар. Ол иһин биһиэхэ Ил Дархан, Правительство, Ил Түмэн диэн баар. Конституциялаах буоламмыт биһиги сахалыы гимнээхпит, гербэлээхпит, былаахтаахпыт.
Саха сирэ урут наар сүөһү, сылгы, таба иитиитинэн, балыктааһынынан, булдунан эрэ дьарыктаммыта. Онтон Саха сирэ автономнай Өрөспүүбүлүкэ буолбутун кэннэ көмүһү, алмааһы, таас чох, энергетика промышленноһынан сайдыбыта. Билиҥҥи кэмҥэ үөрэх, атыы-эргиэн, промышленность, туризм өттүнэн атын дойдулартан хаалсыбакка тэҥҥэ сайдан иhэр. Манна тирэҕирэн төрөөбүт дойдубут 100 сылынан сайдыытын таһыма чорбойуо, ураты култуурата аан дойдуга биллиэ, чулуу ыччатынан үүнүө-сайдыа дии саныыбын. Бу ааспыт 100 сыл курдук халыҥ историятынан, ураты дьонунан, сиэдэрэй култууратынан, өрөгөйдөөх кыайыыларынан сурукка тиһиллэн кэлэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буолуо. Онон биһиги улаатан, үөрэхтээх дьон буолан бэйэбит төрөөбүт дойдубут, Өрөспүүбүлүкэбит чэчирии сайдарын туhугар сүүрэр-көтөр, айар-тутар дьон буолуохпут, дойдубутун сайыннарыахпыт, инники күөҥҥэ таһаарыахпыт диэн эрэнэбин.
Наина Портнягина,
IX «Б» кылаас,
В.И.Малышкин аатынан
23 №-дээх орто оскуола,
Дьокуускай.