Кутана нэһилиэгэр баһылыкпыт Н.В. Крыжановская кэриэһигэр икки сылга биирдэ ыытыллар улуустааҕы аһаҕас дуобат күрэҕэ буолан ааста. «Алгыс» култуура киинигэр дуобат күрэҕэр барыта 54 киһи кытынна.
Эр дьоҥҥо 65 саастарыгар дылы, онтон үөһэ саастаахтарга, дьахталларга, оҕолорго тус-туспа күрэхтэһии буолла. Бириистээх миэстэни ылбыт дьон мэтээл бириис ылан үөрдүлэр-көттүлэр. Олохтоох дьаһалта, Н.В. Крыжановская дьиэ кэргэттэрэ, аймахтара, доҕотторо туруорбут бириистэрин туттардылар. «Алгыс» култуура киинин үлэһиттэрэ сылаас минньигэс астаах буфет үлэлэттилэр.
65 үөһээ саастаахтарга: Иннокентий Иванович Прокопьев — 1 м., Михаил Георгиевич Архангельскай — 2 м., Рудольф Егорович Иванов — 3 м.
Дьахталларга: Марина Аркадьевна Старостина — 1 м., Екатерина Николаевна Степанова — 2 м., Венера Ивановна Михайлова — 3 м.
Эр дьоҥҥо: Василий Александрович Уаров — 1 м., Гаврил Анатольевич Иванов — 2 м., Юрий Александрович Титов — 3 м.
Оҕолорго: Вова Семенов (кмс, СОШ №1) — 1м., Камилла Ефремова — 2 м., Игнатьева — 3 м.
25 оҕоттон 14 Кутана оҕото кытынна. Ветеран Фёдор Максимович походнай кириэһилэ тутта.
Оҕолорго Саввинова Уйгуунаҕа (9 кыл.) — светильник, кинилэр куруук дьиэ кэргэнинэн бары кытталлар. Додутов Ариан (3 кыл.) 5миэстэ буолан, термос бэлэх тутта.
Мин бу күрэххэ аан бастаан кытынным уонна олус астынным.
Айтал ЕГОРОВ, 11 кыл. «Кутана кыымнара».