Билбэппин —
Ийэттэн ураты истиҥи,
Кини баар олохпут тутааҕа,
Кэхтибэт кэскилбит дьылҕата.
Иван Федосеев-Доосо
Кострамыкина Татьяна Харлампьева
Нөөрүктээйи нэһилиэгин Турантайыгар 1924 сыллаахха тохсунньу ый 25 күнүгэр төрөөбүтэ. Ийэтэ Огдооччуйа кыыһа аҕыйах ыйдааҕар өлөн аҕатын көрүүтүгэр хаалбыт. Аҕата Харалаампый уолунаан Ньукулайдыын кыыстарын бэйэлэрэ көрөн-харайан улаатыннарбыттара. Кыра эрдэҕиттэн үлэҕэ сыстаҕас буолан 1938 сыллаахха 14 саастааҕар сэрии кэмигэр М. Г. Егоровка (Лауреат Дьөгүөрэп) биригээдэтигэр, оҕуруоччут буолан, үлэтин саҕалаабыта. Кыһынын кыра сайылыкка субан сүөһү көрөрө, онтон ыанньыксыттаабыта. Ити кэмҥэ 13 ынаҕы, төрүөхтэри уонна көлүүр оҕуһу кыһынын-сайынын үтүө суобастаахтык көрөрө-истэрэ. Күҥҥэ 4-тэ ыыллара, сыл устата биир ынахтан 600-700 лиитэрэ үүтү ылаллара, онтон 1951 сылтан ньирэй ийэттэн арааран сылга 800-1000 лиитэрэ ыан ылбыта. Олоҕун аргыһын Костромыкин Василий Семеновиⱨы көрсөн ыал буолбуттара. Бииргэ 49 сыл дьоллоохтук олороннор нэһилиэк Ытык ыалын аатын ылбыттара. 10 оҕону төрөтөн, иитэн, үөрэтэн, үөрэхтээх, үлэһит дьон гынан таһаарбыттара. Татьяна Харлампьевна 969 сыллаахха Герой-Ийэ бочуоттаах аатын сүктэрбиттэрэ. «Аҕа дойду сэриитин килбиэннээх үлэтин иһин», «Ветеран колхоза», «Ветеран тыла», «Материнская слава 2 степени», юбилейнай мэтэллэрдээх ону тэҥэ диплом 1 степени «За достижение высоких урожаев овощных культур за 1957 г.».
Никанорова Екатерина Прокопьевна
Брешева Екатерина Прокопьевна 1920 сыллаахха сэтинньи 28 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Челябинскай уобаластан төрүттээх. Брешевтар дьиэ кэргэнигэр 4 оҕонон төрөөбүт. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр убайын дьиэ кэргэнигэр иитиллибит. Аҕа дойду сэриитин сылларыгар 20-лээх эдэркээн кыыс тимир суол станциятын байыаннай балаһыанньаҕа киирбитигэр түүннэри, күнүстэри туруулаһан үлэлээбит. Бу кэмҥэ Никаноров Поликарп Ивановичтыын көрсөн кэргэн тахсыбыт. 1946 сыллаахха саха сиригэр Нөөрүктээйи нэһилиэгэр кэлэннэр олохсуйбуттар 9 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүттэр. Екатерина Прокопьевна «Материнская слава» I-II-III истиэпэннэрин кавалера, сэрии сылларыгар үлэтин иһин «За доблестный труд в Великой Отечественной войне 1941-1945 гг.» мэтээллээх уонна юбилейной мэтээл наҕараадалардаах «50 лет Победы в Великой Отечественной войне 1941-1945 г.г.», тыыл уонна үлэ бэтэрээнэ. Оҕолоро үөрэхтэнэн, үлэһит дьон буолан улууспут, республикабыт араас муннуктарыгар үлэлии-хамсыы сылдьаллар.
Миронова Аграфена Тихоновна (Смогайлова)
Аграфена Тихоновна 1926 сыллаахха Өлүөхүмэ улууһугар муус устар 22 күнүгэр күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Өлүөхүмэттэн төрүттээх, аҕата Польшаттан кэлбит политссыльнай эбит. Аграфена Тихоновна эдэр сааһыттан колхозка дайаарканан, поварынан үлэлээбит. 1950 сыллаахха сэрии кыттыылааҕар Миронов Владимир Александровичка кэргэн тахсыбыт. 1960 сыллаахха кэргэнинээр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун Төҥүлү сэлиэнньэтигэр үлэҕэ анаан онно үлэлииллэр. Онтон 1967 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэгин Хомустаах учаастагар олохсуйан олорбуттар. Аграфена Тихоновна Хомустаах тубсанаторийыгар үтүө-суобастаахтык 70 сыл үлэлээбит. Аграфена Тихоновна ытык ааттара уонна бэлиэ мэтээллэрэ:
1968 сыллаахха «Герой ийэ» ытык аатын ылбыт.
1982 сыллаахха «Үлэ бэтэрээнэ» буолбут.
1985-1995 сыллардаахха Аҕа дойду улуу сэриитин үбүлүөйнэй мэтээллэринэн наҕараадаламмыт.
1995 сыллаахха «Тыыл бэтэрээнэ» диэн түөскэ кэтэр бэлиэни ылбыт.
Аграфена Тихоновна 10 оҕону төрөтөн Герой ийэ үрүк аатын ылан оҕолорун улаатыннаран үтүө суобастаах дьон гына ииппит.
Прокопьева (Якушева) Антонина Ивановна
Антонина Ивановна 1936 сыллаахха Орджоникидзевскай район Сиинэтигэр төрөөбүт. Оҕо сааһыттан колхозка, оҕуруокка, от үлэтигэр үлэтин саҕалаабыта. 1957 сыллаахха Прокопьев Николай Иннокентьевичка кэргэн тахсан дьоллоох дьиэ кэргэн буолан 12 оҕону күн сирин көрдөрөн, 1974 сыллаахха Нөөрүктээйи нэһилиэгэр көһөн кэлэн олохсуйан олорбуттара.
Антонина Ивановна наҕараадалара:
«Герой ийэ», «Материнская слава» хас да истиэпэннээх наҕараадалаах..
Охлопкова Валентина Ивановна
1928 с. 2 Наахара нэⱨилиэгэр Мэҥэ-Хаҥалас оройуонугар бааⱨынай дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Ийэтэ Бурнашова Анастасия Васильевна, аҕата Платонов Прокопий Егорович. Мэлдьэхси 4 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн холкуос араас үлэтигэр үлэлээбит. Сэрии ыар сылларын кэнниттэн Майаҕа киирэн үлэлээбитэ. Онно Охлопков Гаврил Дмитриевиⱨы кытта билсэн 1948 с. ыал буолбуттара. Павловскайга 1954 с. көⱨөн кэлбиттэрэ. Ол саҕана детскай балыыⱨа, кэлин детдом, онтон улахан дьону көрөр балыыⱨаҕа кэлиэҕиттэн поварынан, санитарканан, танас сууйааччынан үлэлээбит. 1965 с. Герой ийэ аатын ылбыт.
Михайлова Анна Константиновна
Анна Константиновна 1929 сыллаахха Орджоникидзевскай оройуон 2 Малдьаҕар нэⱨилиэгин Улахан аан дэриэбинэтигэр дьадьаны дьиэ кэргэҥҥэ тɵрɵɵбүт. Ийэтэ эрдэ олохтон туораан аҕата Пудов Константин Васильевич бэйэтэ улаатыннарбыт. 1936 с. оскуолаҕа 9 саастааҕар үɵрэнэ киирбит. 1942 с. сэрии кэмигэр 4 кылааⱨы бүтэрэн, колхуоска үлэлии киирэр. Хортуоскаҕа уу куталлара, сайын от мунньаллара, от охсоллоро, кыⱨынын үлэⱨиттэргэ ас таⱨаллара. 1945 с. колхуоска чилиэнинэн киирэр. Бастаан субан сүɵⱨү сааҕын күрүүгэ, устунан ыанньыксыттаабыта. 1950 с. Прокопий Павловичка кэргэн тахсан Моороҕо кэлэн олохсуйбуттара. Манна ыанньыксыттаан, бурдук ыраастаⱨыныгар, баайытыгар, молотилкаҕа үлэлээбитэ. 12 оҕону тɵрɵтɵн улаатыннарбыттара. 1970 с. “Материнская Слава 1 степени” наҕарааданы ылбыта.
Сивцева Варвара Даниловна
Хара нэⱨилиэгэр Шамаев Данил (Кыⱨыл атыыⱨыт) дьиэ кэргэнигэр 1914 сыллаахха саас муус устарга кγн сирин көрбγтэ. Кэргэнинээн Сивцев Василий Константиновичтыын Хара сайылыгар (Шамаевкаҕа) ыал буолан 10 оҕоҕо тапталлаах Ийэ Аҕа буолбуттара. Кэргэнэ Василий Константинович 18 саастааҕар Ааллаах Υүӊӊэ биригэдьииринэн, Варвара Даниловна оҕуруокка, кэлин Лауреат Дьөгүөрэпкэ үлэлии сылдьыбыт. 1957 сыллаахха кэргэнэ олохтон туораан Варвара Даниловна 6 оҕолоох соҕотох хаалан иитэн-үөрэтэн киⱨи оӊортоон олох суолугар таⱨаарбыта. Варара Даниловна колхоз, совхоз үлэтигэр-фермаҕа, оҕуруокка үлэлээбитэ. “Герой Ийэ” бэлиэлээх.
Сергеева Клавдия Николаевна
1 Тыылыма нэⱨилиэгин 1930 с. төрөөбүт. Ийэлэрэ Евдокия Семеновна эрдэ олохтон туораабыт. Аҕалара Николай Петрович кыра оҕолоох соҕотох хаалбыт. Аҕа дойду сэриитигэр бронь биэрэннэр балыкка үлэҕэ анаммыт. Кэлин Пермякова Прасковья Ивановнаны кэргэн ылан оҕолорун көрөн истэн улаатыннарбыта. Клавдия Николаевна уончалаах сылдьан ыалга оҕо көрөөччүнэн, дьиэ-уот хомуйааччынан үлэлээбит. Колхуос араас үлэтигэр кыра эрдэҕиттэн эриллэн оонньуур-көрүлүүр оҕо сааⱨы билбэккэ улааппыта.
1953 с. Федотов Николай Васильевичка кэргэн тахсан 1 Тыылыма нэⱨилиэгэр дьиэ-уот тэринэн быр-бааччы олорбуттара. Кини колхуоска сүөⱨүгэ, маҕаⱨыыҥҥа рабочай, уборщица үлэтигэр үлэлиир. Кэргэнэ тракторист, дизелист үөрэҕэр үөрэнэн нэⱨилиэккэ уот биэрээччинэн дизельга үлэлээбит, трактористаабыт. 1966 с. колхуос бөдөнсүйэн совхуос буолбутугар Павловскайга “Ленин” аатынан совхуос киинигэр көⱨөрбүттэр. Павловскайга олохсуйан, 11 оҕону төрөтөн, иитэн улаатыннарбыттара. Клавдия Николаевна оҕуруокка, кэлин гостиницаҕа үлэлээбитэ. «Герой ийэ» наҕараадалаах.
Кушнарева Елизавета Ипатьевна
Кушнарева Елизавета Ипатьевна 1904 сылаахха төрөөбүт. Кэргэнэ Андрей Кондратьевич 1942 сыллаахха сэриигэ ыҥырыллан барбыт. Елизавета Ипатьевна 8 оҕолоох соҕотох хаалан бэйэлэрэ куурусска, ынах — сүөһү иитэн, көрөн ыарахан кэмнэри этэҥҥэ иллээхтик олорбуттар. Аҕалара 1944 сыллаахха сэрииттэн ранения ылан эргиллэн кэлэн оҕуруокка биригэдьииринэн үлэлээбит. Кушнаревтан кэлин икки оҕону төрөтөн Елизавета Ипатьевна 10 оҕолоох дьиэ кэргэн дьоллоох күн күбэй ийэтэ. «Герой ийэ» наҕараадалаах.
Потапова Марина Давыдовна
Марина Давыводна 1914 сыллахха Мэҥэ — Хаҥалас улууһун Наахара нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Олуһун диэн ыраас туттуулаах, үлэһит мааныта эбит. Кэргэнэ Леонид Петрович аҕа дойду сэриитин ветерана. 10 оҕоҕо күн сирин көрдөрөн «Герой ийэ» наҕараадалаах. Потаповтар оҕолорун бэйэлэрин холобурдарынан үлэни таптыырга, сатабыллаах буоларга үөрэтэн-такайан ииппиттэрэ. Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн — дьоллоох дьиэ кэргэн.
Мария Иннокентьевна Протопопова
Мария Иннокентьевна 1933 с. атырдьах ыйын 10 күнүгэр Нам оройуонун Хатын-Арыы нэⱨилиэгэр төрөөбүт. Бииргэ төрөөбүттэр үс оҕо: эдьиийэ Ульяна эдэр сааⱨыгар ыалдьан өлбүт, кини уолун Афоняны ииппиттэр. Убайа Константин Аҕа дойду уонна Япония сэриитин кыттыылааҕа, 75 сааⱨыгар ыалдьан өлбүт. Мария Иннокентьевна 4 кылаас үөрэхтээх. Сэрии бириэмэтигэр Мария улахан дьоннору кытта бииргэ үлэлээбит: кыⱨынын хотон үлэтигэр, сайынын от үлэтигэр, бурдук астааⱨыныгар.14 сааⱨыттан «Карл-Маркс» колхозка доярканан үлэлээбит. Ол кэнниттэн араас үлэлэргэ үлэлээбит: детсадка ньээнкэлээбит, кулуупка, баанньыкка уборщицалаабыт. Герой ийэ, уон оҕолоох.
Захарова Мария Ивановна
Мария Ивановна 1955 сыллаахха Павловскайга төрөөбүт. Оскуоланы бүтэрэн «Школа, производство, ВУЗ диэн ыҥырыыны өҋөөн Бөкөҕө доярканан үлэлии тыхсыбыта. Онно сылдьан көрсөн Захаров Иван Ивановичка кэргэн тахсар. Кэлин атыыһыи идэтигэр үөрэнэн маҕаһыыҥҥа үлэлиир. Мария Ивановна кэргэнин 3 оҕотун уонна 7 оҕону төрөтөн көрөн — истэн, үөрэттэрэн, олоххо тирэхтээх дьон буоларга олук уурбут 10 оҕолоох Герой ийэ.
1987 сыллаахха «Материнская слава» 1 истиэпэнин ылбыта, 1983 сыллаахха «Медаль материнства» 2, 3 истиэпэнэ уонна 1989 «Мать — героиня» наҕараадалардаах.
Павловскай орто оскуолатын медиа-киинэ