Сылын аайы, буоларын курдук, Е.П. Сивцев аатынан 2-с Хомустаах орто оскуолатын иһинэн элбэх оҕону хабан лааҕырдар үлэлээтилэр. Ол курдук, күнүскү 15-тии оҕону хабан “Бөҕөс” тустуу лааҕыра, “Сандаар” үҥкүү лааҕыра, хонуктаах үлэ уонна спорт хайысхалаах 30 оҕону хабан “Үнүгэс (“Мас-рест”)” лааҕыра үлэлээтилэр.
Быйыл “Үнүгэс (“Мас-рест”)” 21 хонуктаах лааҕыр үлэтэ от ыйын 6 күнүттэн оскуолабыт дьиэтигэр бары усулуобуйаны толору тэрийэн арыллан, олус сэргэхтик үлэлии турар. Ааспыт сылга бэйэбит оскуолабыт иһинэн оҕолору хаппыт буоллахпытына, быйыл өрөспүүбүлүкэ араас оскуолаларыттан оҕолор кэлэннэр, саха спордун төрүт көрүҥэр мас тардыһыыга дьарыктана сылдьаллар. Ол курдук, Мэҥэ Хаҥалас Тумул орто оскуолатыттан, Россолода агрооскуолатыттан, Дьокуускай куорат 26 нүөмэрдээх орто оскуолатыттан, Нам улууһун 1 Хомустаах уонна 2 Хомустаах орто оскуолаларыттан уолаттар, кыргыттар кэлэн лааҕырга сылдьаллар.
Тренер Петр Романович Уваровский, физкультура учуутала, мас тардыһыы секциятын тренерэ, үөрэх дьылын устата бу көрүҥҥэ дьарыктаан, спортсмен оҕолору иитэн таһаарда. Тренер хас биирдии оҕо кыаҕын көрөн, тус дьарыктанар бырагыраамаларын оҥорон, биирдиилээн мас тардыһыы техникатыгар, ньымалары туттарга үөрэтэр. Кэлиҥҥи сылларга спорт бу көрүҥэр сыл устата дьарыктаан, үлэ түмүктээх буоларын туһуттан, оҕолор саастарынан, саҥа саҕалааччы уонна салгыы күүстээхтик дьарыктанааччы спортсменнарга аналлаах сыллааҕы бырагыраама оҥоһуллан, “Үнүгэс (“Мас-рест”)” лааҕыры арыйан үлэлэтэр буоллубут. Оҕолор дьарыктарын кэмигэр кэпсэттэххэ, быйылгы сылга былааннара күүстээх. Өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэхтэһиилэргэ кыттан, Россия таһымыгар тахсар былааннаахтар.
Спортсменнар дьарыктанар эрэ буолбакка, оскуолабыт агро хайысхалаах буолан, оҕуруот көрүүтүгэр эмиэ үлэлииллэр. Маны таhынан, иитэр үлэ чэрчитинэн, нэhилиэк, түөлбэ ыраас, чэбдик буолуутун туһуттан, оҕолор волонтерство үлэтин хайысхатынан ырааһырдыы үлэтигэр кыттыһаллар. Онон үлэнэн уонна спордунан, эт-хаан өттүнэн дьарыктанар оҕолорго күҥҥэ биэстэ аһыыр минньигэс, тотоойу аһылык тэриллэр.
Лааҕыр үлэтигэр былааннаммыт тэрээһиннэр кэмигэр ыытыллаллар. Ол курдук, от ыйын 16 күнүгэр Саха сирэ Россия государствотыгар киирбитэ 390 сылынан, нэһилиэкпит сүрүн историческай миэстэтигэр бастакы Ленскэй остуруок 2-с Хомустаах нэһилиэгэр Буойун диэн сиргэ олохтоммутун сырдатар, көрдөрөр сыалтан көрөн-истэн кэллибит. Сынньалаҥнарыгар оҕолор күрэхтэһэллэр, көрдөөх оонньууга оонньууллар, балыктыыллар, тыа сирин олохтоохторун олохторун-дьаһахтарын көрөллөр-истэллэр.
Онон сайын устата сайыҥҥы сынньалаҥынан барыта 50 оҕо хабылынна, ону таһынан 10-ча оҕо өрөспүүбүлүкэ уонна дойду лааҕырдарыгар сынньалаҥнарынан хабылыннылар. Оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын тэрийиигэ өйүүр, үлэлэһэр Нам улууһун Үөрэҕин салалтатын исписэлиистэригэр, оскуола үлэһиттэригэр, төрөппүттэрбитигэр махтанабыт.
Надежда Андреевна Копырина,
“Үнүгэс (“Мас-рест”)” лааҕыр начальнига