Биһиги Алампа аатынан «Ытык-Күөл маннайгы нүөмэрдээх орто оскуолатын» үөрэнээччилэрэ, 13 буолан сайынны палаточнай лааҕырга баран кэллибит. Бу лааҕыр 10 сылын үлэлиир. Лааҕыр оҕолору чинчийэр улэҕэ сыһыарар сыаллаах. Салаайааччыбыт биология бирэдимиэт учуутала-Пинигина-Сосина Равелла Инокентьевна. Биһигини кытта лааҕырга “Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет” учуонайдара, преподавателлэрэ тэҥҥэ сылдьыһан элбэххэ уорэтэллэр, такайаллар. Мин бу лааҕырга 2 сылбын сылдьабын. Чинчийэр улэм Таатта үрэх уутун үөрэтии. Бу үлэнэн кыттаммын элбэх ситиһиилэнним. “Старт в инновации”, “Вернадскай” ааҕыларыгар, биология олимпиадаларыгар миэстэлэстим.
Быйылгы лаа5ыр уратытынан диэн араас саастаах о5олор Уус-Таатта сиригэр “Бивень” лаа5ыр баазатыгар сырыттыбыт. Биһигини кытта бу лааҕырга сырытта Максимов Петр Дмитриевич, палеонтологическай “Бивень” лааҕыры төрүттээбит салайааччы. Кини үгүс элбэх кэпсээннэри, үһүйээннэри билэрэ сөхтөрдө. От ыйын 12- Бөтүрүөп таҥара күнүгэр Петр Дмитриевич төрөөбүт күнүн уонна лааҕыр 50 сылын бырааһынньыктаатыбыт. Полевой усулуобуйага торт астаабыппыт, открытка уруһуйдаабыппыт уонна дуоһуйа ыллаабыппыт.
Лааҕыр олоҕо интириэһинэй эрээри элбэх үлэлээх. Сарсыардабыт зарядкаттан, уу таһартан, мас хайытартан саҕаланар. Тото аһаат, хомунан чинчийэр үлэбитигэр төбөбүтүнэн түһэбит. Эбиэттэн киэһээ этэрээттэринэн үлэлиибит, Алдан өрүс ыраас, дохсун сүүрүктээх үүтүгар дуоһуйа сөтүөлүүбүт, оонньуубут. Лааҕырга оҕолор балыгы, ууну, почваны, үүнээйилэри, үөннэри-көйүүрдэри чинчийэллэр. Элбэх саҕаны билэн, билиибитин кэҥэтэн кэллибит. Ону таһынан лааҕыр тулуурдаах, үлэһит буоларга, ыарахантан чаҕыйбакка, олоххо бэлэмнээх буоларга, төрөөбүт айылҕаны таптыырга, харыстыырга иитэр.
Күүс-уох эбинэн, инники чинчийэр үлэбитин турумнуурга кыах биэрбит бары лааҕыр үлэһиттэригэр, салайааччыбытыгар-Равелла Инокентьевнаҕа ис сүрэхпититтэн махтал тиэрдэбит.
Дедюкина Сардаана 10 мед. кылаас үөрэнээччитэ