Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил»оҕо бэчээтин кыһата уонна Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын, «Кэскил» хаһыат 85 сылын көрсө өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай — практическай кэмпириэнсийэни уонна уруһуй куонкуруһун биллэрэллэр.
«Амма Аччыгыйын ааҕыылара»
өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай — практическай кэмпириэнсийэ (кэтэхтэн)
БАЛАҺЫАННЬА
1. Бу балаһыанньа кэмпириэнсийэ сыалын, соруктарын, ыытыллар усулуобуйатын быһаарар.
1.1 Кэмпириэнсийэ сыала — соруга:
— Саха сээркээн сэһэнньитэ, норуот тапталлаах суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйын олоҕун уонна айар уонна общественнай үлэтин туһунан үүнэр көлүөнэ ыччакка дириҥ, киэҥ өйдөбүлү иҥэрии;
— Н.Е.Мординов- Амма Аччыгыйа өр кэмҥэ үлэлээбит «Бэлэм буол»- «Кэскил» хаһыата тэриллибитэ 85 сылыгар ананар;
— Уус-уран айымньы тылын- өһүн күүһүнэн сиэрдээх киһини иитии;
— Ааҕыыга умсугутуу, чинчийэр, ырытар сатабылларга уһуйуу.
1.2 Кэмпириэнсийэни тэрийээччилэр:
Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан “Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата;
С.Н.Донской-II аатынан ҮөС уонна ИҮИ, “Таатта улууһун үөрэҕириитин салалтата”;
Харбалаахтааҕы Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан үөрэхтээһин холбоһуга;
“Бырааттыы Мординовтар” түмэлэ.
2. Кыттааччылар уонна кэмпириэнсийэ хайысхалара ( секциялара):
2.1 Кэмпириэнсийэҕэ өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын 5-11-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, учууталлар, эбии үөрэхтээһин педагогтара, библиотекардар кытталлар.
2.2 Кэмпириэнсийэ хайысхалара:
1). “Норуот тапталлаах суруйааччыта Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа ыччакка холобур буолар олоҕо”секция;
2) “Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа – саха сээркээн сэһэнньитэ” секция;
Секцияҕа уус-уран айымньыларын чинчийэр үлэлэр көрүллэллэр.
3) “Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа – ахтыы уонна тылбаас жанрын маастара”секция; Секцияҕа ахтыыларын уонна тылбааска үлэлэрин ырытар — чинчийэр үлэлэр көрүллэллэр.
4)” Амма Аччыгыйа уонна “Бэлэм буол” хаһыат” секция;
Секцияҕа Амма Аччыгый “Бэлэм буол” хаһыакка үлэтин туһунан, ыстатыйаларын ырытыылар көрүллэллэр;
5) «Амма Аччыгыйа уонна билиҥҥи кэм» учууталлар секциялара; Секцияҕа Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын айымньыларын билиҥҥи кэмҥэ үөрэтиини көрдөрөр видео-уруоктар сыаналаналлар.
2.3 Реферативнай үлэлэр көрүллүбэттэр.
2.4 Кэмпириэнсийэҕэ кыттыы: саха уонна нуучча тылынан барар.
3. Кэмпириэнсийэ ыытыллыытын барыла:
3.1 Кэмпириэнсийэҕэ бэйэ научнай – чинчийэр үлэтэ биһирэнэр. Бэйэ чинчийиитэ, тиэмэни арыйыыта, матырыйаалы билэрэ сыаналанар.
3.2 Сайаапканы уонна үлэни 2021 сыл кулун тутар ый 25 күнүгэр диэри маннык электроннай аадырыска ылабыт : aachchygyanpk@mail.ru (сайаапка толорууну 1 сыһыарыыга көр)
3.3 Дакылаат электроннай көрүҥүнэн ыытыллар (А4 формат, шрифт 12, Times New Roman, интервал- 1,5 стр). Үлэ кээмэйэ 5 стр. Ордуга суох буолар.
4. Усулуобуйата:
4.1 Тэрийээччилэр кэмпириэнсийэ ыытыллыытын уонна кыайыылаахтары наҕараадалааһын үбүн быһаараллар.
4.2 Кэмпириэнсийэҕэ кыттыы иһин төлөбүр –100 солк. Оскуолаҕа иитэр үлэни тэрийээччи Марфа Тимофеевна Баратова моб.бааныгар ыыталлар: 89248775331.
5. Түмүк таһаарыы уонна наҕараадалааһын:
5.1 Хайысханан (секциянан) үлэ түмүгүн дьүүллүүр сүбэ таһаарар, кыайыылаахтары быһаарар уонна боротокуол оҥорор.
5.2 Кыайыылаахтар I, II, III степеннээх Лауреат дипломнарынан, биһирэбил суругунан наҕараадаланаллар.Үөрэнээччилэр секциялара кыттааччы ахсааныттан көрөн, II бөлөххө арахсыан сөп: I бөлөх – 5-8 кылаастар, II бөлөх – 9-11 кылаастар. Кэмпириэнсийэ кыттааччыларыгар Туоһу сурук (сертификат) бэриллэр.
6. Кэмпириэнсийэ туһунан информацияны билсэҕит:
1. Андросов Иван Афанасьевич, сот. 89618676859; Леонтьева Жанна Владимировна , сот. 89142201780,“Кэскил”оҕо хаһыатын үлэһиттэрэ);
2.Шишигина Василиса Романовна, С.Н.Донской-II аатынан ҮөС уонна ИҮИ ыстаарсай преподавателэ, сот. 89142931107; Ядрихинская Феврония Васильевна, С.Н.Донской-II аатынан ҮөС уонна ИҮИ преподавателэ, сот. 89142907841;
3.Луковцева Мира Николаевна, «Таатта улууһа үөрэҕириитин салалтата» МКТ начальнигын солбуйааччыта , сот. 89142764850;
4.Кривошапкина Валентина Семеновна, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр учуутала, сот.89142977211;
5.Трофимова Варвара Павловна, Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһугун саха тылыгар уонна литэрэтиирэтигэр учуутала, сот.89142344469;
6. Васильева Сардана Александровна, “Бырааттыы Мординовтар” түмэл сэбиэдиссэйэ, сот.89142250745.
Кыттааччы анкетатыгар суруйаҕыт:
- Кыттааччы араспаанньата, аата, аҕатын аата.
- Олорор улууһа, нэһилиэгэ.
- Үөрэнэр оскуолата,кылааһа.
- Салайааччытын аата, дуоһунаһа.
- Салайааччы төлөпүөнүн нүөмэрэ.
- Чинчийбит үлэтин аата.
Тэрийэр бөлөх.
Народнай суруйааччы Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын, Кэскил» хаһыат 85 сылын көрсө, суруйааччы айымньыларынан уруһуй куонкуруһун балаһыанньата
Тэрийээччилэр: Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан “Кэскил “оҕо бэчээтин кыһата, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан Харбалаахтааҕы үөрэхтээһин холбоһуга, Н.Е Мординов-Амма Аччыгыйын аатынан үөрэхтээһин холбоһуга, П.П.Романов аатынан ойуулуур-дьүһүннүүр искусство орто үөрэҕин кыһата.
Күөн күрэс сыала: Саха норуодунай суруйааччыта Н.Е.Мординов-Амма Аччыгыйа айымньыларыгар иллюстрация уруһуйдааһын.
Соруга: Суруйааччы айымньыларын ааҕарга интэриэһи үөскэтии, оҕо уруһуйдуур дьоҕурун арыйыы, биһирээһин, айар үлэҕэ болҕомтону ууруу, иллэҥ кэми туһалаахтык атаарыы.
Ис хоһооно: Кыттааччылар суруйааччы ханнык баҕарар айымньытын ааҕан баран, сөбүлээбит түгэннэригэр иллюстрация уруһуйдууллар.
Кыттааччылар бөлөхтөрө:
- 1-4 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- 5-8 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- 9-11 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Ирдэбил, сыаналыыр кэриҥ: уруһуй бэриллибит тиэмэҕэ сөп түбэһэр буолуохтаах, альбом илииһигэр эбэтэр А3 форматтаах кумааҕыга өҥнөөх харандааһынан, акварель, гуашь кырааскаларынан, фломастерынан толоруллар. Сыанабылга өҥү дьүөрэлээн туһаныы, ураты хараҕынан көрүү, толоруу ырааһа, уруһуй айымньы ис хоһоонун арыйыыта болҕомтоҕо ылыллар. Үлэни толорбут оҕо аатын, кылааһын, оскуолатын суруйаҕыт.
Ыытыллар кэмэ:
Үлэлэри кулун тутар ый 25-гэр диэри aachchygyanpk@mail.ru электроннай почтаҕа ылабыт. Эбэтэр кэмбиэрдээн Дьокуускай куорат Орджоникидзе уулуссатын 31 №-ригэр «Бэчээт дьиэтигэр» 204 хоһугар аҕалан биэрэҕит.
Түмүк:
3 бөлөххө I,II, III миэстэлээх кыайыылаахтарга уонна биһирэбил миэстэлэри ылбыттарга — анал бириистэр.
Кыттааччыларга барыларыгар туоһу сурук бэриллэр.
Усунуос:
Кыттыы иһин төлөбүр –100 солк. Харбалаах оскуолатын иитэр үлэни тэрийээччи Марфа Тимофеевна Баратоваҕа 89248775331 моб.бааныгар ыыталлар.
Билсэр төл.: Ньургуйаана Васильевна Захарова «Чуораанчык» сурунаал үлэһитэ (89142790160) , Айыына Нюргуновна Трофимова “Кэскил” хаһыат үлэһитэ ( 89142986806).
Тэрийэр бөлөх.