Күндү оҕолор, төрөппүттэр!
2022 сыл «Кэскил» хаһыат бастакы нүөмэрин тутан олорон, олох уларыйыытын, үйэлэр алтыһыыларын уонна үгэһи утумнааһын туһунан кэпсэтиэхпин баҕарабын.
Саха санаатын, олоҕун уратытын тиспит норуот тылынан уус-уран айымньыта сурукка киирэр кэмэ биһиги тыйыс дойдубутугар балысхан хамсааһыны таһаарбыта. Суруллубат суоруллубат диэн бэргэн этиини бигэргэтэн, күн-дьыл мээрэйэ буолбут кинигэлэр, хаһыаттар, сурунааллар сылтан сыл тахсыталаабыттара. Кинилэр киһи санаатыгар, сайдыытыгар дьайар күүстэрин билинэн улам кэҥээн, уларыйан, тупсан испиттэрэ, сүтэн симэлийэн да хаалбыттар бааллар.
Билигин сурук-бичик салгынынан сылдьар ыыра кэҥээн төттөрүтүн уос номоҕун санатар сонун элбээтэ. Итэҕэтэ, туһалыы охсуох айылаах бииртэн биир кэрэмэс күөрэс гынан иһэригэр сорохтор соһуйаллар, сорохтор үөрэннилэр. Бу информационнай култуура сайдыытын кирбиитэ. Оҕоҕо, эдэр киһиэхэ, бэл диэтэр, төрөппүккэ эмиэ бу култуура олохсуйуута улахан тургутуу.
Биһиги таһаарыыларбыт туһаларын суолтата эмиэ уларыйда. Онон бүгүҥҥүттэн, күндү ааҕааччы, биһиги хаһыаппытыгар эн суруйбут суруктаргын таһаарар өрдөөҕү үгэспитин төнүннэрэргэ сананныбыт.
Мантан инньэ бу 4 балаһалаах “Кэскил” хаһыат уруккутун курдук нэдиэлэ аайы кэлиэҕэ. Бу эн суруйар дьоҕургун кыраҕыттан сайыннарар сириҥ буолуоҕа. Туох сонуннааххын, тугу көрөн соһуйбуккун, доҕотторун ситиһиилэрин, чугас дьоҥҥор сыһыаҥҥын хайдах баарынан үллэстэр сириҥ. Ол эйиэхэ эрэ буолбакка, биһиэхэ улахан дьоҥҥо эмиэ туһалаах уонна наадалаах.
Онтон ый бүтэһик нэдиэлэтигэр эн “Бэлэм буол” диэн 44 балаһалаах сурунаал кээмэйинэн тахсар “Кэскил” хаһыат сыһыарыытын тутуоҕуҥ.
Күндү ааҕааччыбыт уонна кинини тулалыыр улахан дьон!
86 сыл анараа өттүгэр уларыйыы кирбиитин толлубакка туппут,төрөөбүт тылбытынан тахсыбыт бэрт хорсуннук ааттаммыт хаһыаппыт дьулуурун оҕолорбутугар салгыы иҥэриэххэ. «Бэлэм буол» бу ханнык да кэмҥэ сөп түбэһэр суолтатынан элбэх көлүөнэ кутун туттарбыт хаһыата. Ол иэйиитин оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр бэрсиэҕиҥ! Бу маны «Кэскил» хаһыаппыт омук быһыытынан Ийэ тылбыт, үгэспит ис кэрэтин маанылаан муспут, иҥэрбит тирэҕин кытта дьүөрэлиэҕиҥ!
Оҕо оҕоттон атына суох. Бэрт кыра кэм иһигэр улаатар, сайдар аналлаах. Ол кэми мүччү тутумуоҕуҥ!
Кэскиллээх олоххо бэлэм буолуҥ!
Бэчээт күнүнэн!
Ольга СЕМЕНОВА,
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ.