Бүгүн 15.12.2020 с. саха литературатын төрүттэспит классик-суруйааччы, бастакы комедиограф Николай Денисович Неустроев төрөөбүтэ 125 сылын туолла.
1895 сыл ахсынньы ый 15 күнүгэр Таатта улууhугap төрөөбүтэ.
Бастакы нууччалыы кэпсээнэ «Дикая жизнь» 1915 сыллаахха бэчээттэммитэ.
Н.Д. Неустроев саха литературатыгар комедия жанрын төрүттээбитэ. Бастыҥ комедията «Кукаакы Кулуба» 1920 сыллаахха суруллубута. Саха драмтеатра кини суруйбут «Kyhaҕaн тыын» драматынан үлэтин саҕалаабыта (1925). «Балыксыт» кэпсээнэ саха классикaтыгаp киирэр.
Нууччалыы кэпсээннэри суруйбутун тэҥэ, өссө революция иннинэ Платон Ойуунскайдыын Н.В. Гоголь «Ревизорун» сахалыы саҥардыспыта.
Эдэр caaһыгap 1929 сыл от ыйын 24 күнүгэр ыалдьан өлбүтэ. Дьокуускайга көмүллүбүтэ.
Кинини, Ойуунускайы курдук, эмиэ баһааҕырдан, буржуазнай националист диэн ааттыы сылдьыбыттара. Саха үс бастакы суруйааччыларын үтүө ааттарын төнүннэриигэ профессор Г.П. Башарин улахан өҥөлөөх.
Ю.И. Васильев суруйааччы «Прокажённые», «Факир»,» Торжество смерти» кэпсээннэрин, «Доҕорбор» уонна нууччалыы суруллубут хоhооннорун дьонугар кэриэс суругун архыыптан ылан күн сирин аан бастаан көрдөрбүтэ.
Николай Денисович көрүгүн манна киирэн ааҕыаххытын сөп.