Спордунан дьарыктаныы чэгиэн-чэбдик, доруобай буолууга, бары ситиһиилэргэ, уһун үйэлэниигэ төрүт буоларын бары үчүгэйдик билэбит, өйдүүбүт. Онно Туйгун Попов элбэх күүһүн-уоҕун, эрчимин, уутун-хаарын сүтэрэр, былчыҥ-илчиҥ, өй-санаа барыта сылайар дылы эрчиллэр. Биллэн турар, дьарыктанар киһи үктэл курдук үөһэ дабайан, эбии сайдан үрдүк ситиһиигэ тиийэр.
– Аан маҥнай бэйэн тускунан сырдат эрэ.
– Мин 14 саастаахпын, Дьокуускай 2 №-дээх орто оскуолатыгар үөрэнэбин. Быраатым Дьулуур Васильев 9 саастаах, Горнайга үөрэнэр.
– Үөрэххэр хайдаххыный?
– Мин үөрэхпэр олус кыһаллабын. Ардыгар үчүгэй сыананы ылан дьоммун үөрдэбин. Быраатым туйгун үөрэнээччи.
– Спорт эйгэтигэр хайдах киирбиккиний?
– Бастакы кылааска аҕам миигин көҥүл тустууга ДЮСШ-3 дьарыкка илдьибитэ. Спорка маҥнайгы хардыыларым бу кэмтэн ыла саҕаламмыта. Оттон Дьулуур саахымат куруһуогар сылдьан, үөрэнэн спорт эйгэтигэр киирбитэ.
– Дьарыккыт хайдах ааһарый?
– Сарсыарда 9 чааска аhаан-сиэн бараммыт Чочур Мыраҥҥа айанныбыт. Мин үрүсээкпэр 5 лиитирэлээх уу уктабын, быраатым 2 лиитирэ ууну сугэн мырааҥҥа сатыы тахсабыт. Онно бэйэбит оҥорбут спортивнай муннукка дьарыктанабыт. Аан маҥнай сүүрэбит, онтон ГТО күүһү сайыннарар эрчиллиилэрин туһанабыт.
Бастакы күн – тардыныы, чохчойуу уонна кувалда саайабын.
Иккис күҥҥэ – анньыныы уонна көлүһэни хамсатабын, ол быыһыгар бэйэбитин көмүскэнэргэ үөрэнэбит.
Дьарыкпыт бүтүүтэ уот оттон, ас буһаран аһыыбыт, саахымакка, дуобакка оонньуурга үөрэнэбит.
– Бастакы кыайыыгын ханнык күрэххэ ылбыккыный?
– II кыласска сылдьаммын көнүл тустууга Черкашин бириһиигэр бастаабытым. Оттон Дьулуур саахымакка бэйэтин саастыылаахтарыгар бастаабыта.
– Эйигин аҕан дьарыктыыр, ол туһунан кэпсээ эрэ. Хайдах дьарыктыырын?
– Сөпкө этэҕин. Аҕам миигин кыра эрдэхпиттэн дьарыктыыр. Кини миэхэ спорт эрчими биэрэрин, тулуурдаах, дьулуурдаах, модун санаалаах буоларга үөрэтэрин, киһи үтүөҕэ, кэрэҕэ тардыһара күүһүрэрин бэлиэтиир. Нааһа мэник буоламмын, ардыгар мөҕүллээччим, онтон мырааҥҥа сөгүгүйэр мас аттыгар 5 киилэлээх таас булбуппут. Ону дьонум тылын истибэтэхпинэ, буруйу оҥордохпуна, таһан, сүгэн илдьэрим. Бастаан куттана-куттана барар этим. Бэйэм кутталбын кыайан бараммын, наһаа үөрбүтүм, аҕам хайҕаабыта.
– Ситиһиилэрин туһунан сырдатыаҥ дуо?
– Тустууга сылдьан эчэйии ылан, хапсаҕайга көспүтүм. Модуҥҥа хас да бастаабытым уонна миэстэлэспитим бэйэм саастыылаах оҕолор истэригэр.
– Кими холобур оҥостоҕун?
– Конор Макгрегор. Кини дьадаҥы ыал оҕото. Ону Конор бэйэтэ дьарыктанан, эрчиллэн, сыал-сорук туруорунан, билигин кини UFC чемпиона. Төрөппүттэрин, аймахтарын хааччыйар киһи.
– Оҕолорго сүбэҥ.
– Билигин оҕолор көмпүүтэртэн, төлөпүөнтэн мөлтөөһүн көстөр. Ону сүбэлиэм этэ, үөрэххитигэр кыһаллыҥ, төрөппүттэргитин кытта мырааҥҥа буоллун, таһырдьа чэбдик салгыҥҥа тахсан сүүрүҥ, спордунан дьарыктаныҥ диэн ыҥырабын!
Кэпсэттэ Павел Ильин.