Саха сиригэр нуучча омугун кэлиитэ
1632 с. Петр Бекетов баһылыктаах нуучча хаһаахтара Саха сиригэр Ленанан бастаан устан кэлиилэригэр нэһилиэнньэ ийэ-аҕа уустарынан тарҕанан олороро. Сылгы, ынах иитэр, бултуур этэ. Ити уустары бас-көс, ытыктанар тойоттор салайаллара. Холобур, Хаҥаласка – Тыгын ыччата, Намҥа – Мымах, Уус Алдаҥҥа – Лөгөй. Нууччалар саҥа сирдэри баһылаан, ону Россияҕа холбоон сири кэҥэтэн, элбэх нолуогу (ясагы) хомуйан хааһынаҕа (казна) киллэрэн, нуучча ыраахтааҕытын модун кыаҕын күүһүрдэр сыаллаахтара. Дьэ ол иһин киэҥ ходуһалардаах, баай айылҕалаах, бултаах-алтаах сирдэргэ тиийэн, олохтоохтору кытта сибээс олохтоон, ясак хомуйан бараллара. Дьон кинилэри араастаан көрсөрө.
Лена өрүс Эҥсиэли хочотугар (билиҥҥи Нам сирэ) олохтоох Бөтүҥнэр өрүһүнэн устан иһэр нууччалары ох саанан ытыалаан биэрэккэ чугаһаппатахтар. Онон кинилэр салгыы устан Мымах тойон оттуур “Кулун тутар” сиригэр II Хомустаах нэһилиэгин ”Буойун” учаастагар (билигин “Ыстаарай” диэн) тохтоон олохсуйарга сананаллар. Хаһаахтар Ленскэй диэн аатынан острог тутуутун саҕалаан, күһүн балаҕан ыйыгар бүтэрэллэр уонна онно кыстыыллар. Ол туһунан Петр Бекетов 1632 сыллаахха Ыраахтааҕыга ыыппыт дакылаатыгар этиллэр: “Того же году сентября в 25 день, по государеву цареву и великого княза Михаила Федоровича всея Руси указу, поставид я, Петруша, с служилыми людьми на Лене реке острог для государева величества в дальней Украине и для государева ясачного забору для презду якутских людей. А преж тово на Лене реке и в Якутской земле государево острогу не бывало нигде, а поставил государев новой острожек я, Петруша, против якуцкого князца Мамыкова улусу и меж иными многими улусами середи всей земли” (в кн. “Материалы по истории Якутии” Т.3., стр.1085). (кн. Ф.Г. Сафронов. “Русские крестьяне в Якутии (ХVII начало ХХ вв)”. Архивная справка ЦГАДА Москва. Б.Троговская, 17 от 10.03.82. № 184, С.Р.Долгова). Бу острог Дьокуускай куорат бастакы олоҕо буолар, онон киин куораппыт төрүттэммитэ 1632 сылтан ааҕыллар.
Нуучча хаһаахтара олохсуйан, орто Лена сиригэр олорор сахалартан ясагы хомуйан бараллар. Мымах тойон Бөтүҥнэр нууччалары утары хаан тохтуулаах охсуһууларын, ол эрээри ох саанан, үҥүүнэн, уотунан үрэр сааны утары сэриилэһэр, киирсэр кыаҕа суоҕун өйдүүрэ. Онон, дьонун-сэргэтин сэймэктэппэт инниттэн, кэлии нууччаларга эйэлээхтик сыһыаннаһан, бэйэтин сиригэр-уотугар остуруогу тутталларыгар көҥүл өттүнэн биэрбитэ, эйэ-дэмнээхтик бииргэ олорор санааны тутуспута. Ону Уус Алдан тойоно Лөгөй эмиэ өйүүрэ, кини сирэ-уота саҥа тутуллубут остуруоктан чугас этэ.
Мымах тойон иирсээни, охсуһууну сөбүлээбэтэ, уһуну-киэҥи, үйэлээҕи өйдөөн, кэлин да нууччалары утары тэриллибит хас да утары өрө турсууларга сөптөөх быһаарыыны — эйэ-дэмнээх буоларга дьулуһуутун көрдөрбүтэ.
Мымах тойон уон оҕолооҕо. Олортон үс уола: Ника, Нохто, Бюкэй. Кэлин дойдуларыгар Намҥа кинээстээбиттэрэ. Нэһилиэнньэни христианствоҕа сүрэхтээһиҥҥэ Мымахтарга “Сивцев” диэн араспаанньа бэриллибит.
Онон Саха сирэ нуучча судаарыстыбатыгар холбоһуутугар Нам улууһун олохтоохторо Мымах тойон салалтатынан, кини мындыр өйүнэн маҥнайгы остуруогу тутталларыгар сирдэрин-уоттарын көҥүллээбиттэрэ.
Ити Ленскэй остуруога сааскы халааҥҥа барарынан, кэлин Туймаада хочотугар көһөрүллэн, “Якутскай” (1640 с.) диэн ааттанан, билигин Саха сирин киин куората буолан турар.
М.Н. Габышева,
Нам улууһун, Нам сэлиэнньэтин,
II Хомустаах нэһилиэгин ытык киһитэ.
Мымах кинээһи Прокопий Фёдоров уруһуйдаата.