Иһитиннэрэр-көрдөрөр технология сайдан истэҕин аайы оҕо олус элбэх информацияны хомуйар. Мантан билиигэ туттар сонунтан ураты туһалааҕа аҕыйах курдук, ол иһин билиҥҥи бутуурдаах кэмҥэ ардыгар оҕо туох да сыала-соруга суох буолар кэмнэрдээх. Оттон кэрэҕэ кыттыспыт киһи куһаҕаны онорбот. Улуус киинигэр, улахан бөһүөлэктэргэ ускуустуба оскуолалара баар эбит буоллахтарына, кыра нэһилиэктэргэ оҕо анаан дьарыктанар оскуолалара суохтар. Онтон сиэттэрэн, биһиги оскуолабыт Баатаҕайдааҕы оҕо ускуустуба оскуолатын кытта ыкса сибээстээхтик үлэлиир.
«Анфлейт» диэн ансаамбыл флейтаҕа оонньуур оҕолоро иккис сылларын сыл устата туохха үөрэммиттэрин, тугу сатыылларын көрдөрө, онно эбии саҥаны билээри-көрөөрү, Баатаҕайдааҕы оҕо искусствотын оскуолатыгар бара сырыттылар. Оҕолор флейта кылааһыгар тургутук эксээмэннэрин ситиһиилээхтик туттардылар.
Салгыы бары инструменнары баһылаабыт Швецова Галина Иннокентьевна олус интэриэһинэй маастар-кылааһыгар сылдьан, араас инструменнарга оонньуурга үөрэннилэр. Инструменнары баһылыырга дьулуур-тулуур наадатын, бу барыта элбэх дьарыктан, үлэттэн тахсарын өйдөөтүлэр. Оҕо искусствотын оскуолатын уһуйааччылара оҕолорбут биир сыл иһигэр элбэх сатабылга үөрэммиттэрин сөхтүлэр, хайҕаатылар. Манна даҕатан эттэххэ, «Анфлейт» флейта ансаамбылын оҕолоро күһүн ыытыллыбыт «Муусука барыбытыгар» өрөспүүбүлүкэ курэҕэр тыа оскуолаларын ортотугар «Гран-При» үрдүк аатын ылбыттара.
Флейта атын дойдуларга балай да тарҕаммыт, норуокка киэҥник туттуллар инструмент буолар. Биһиги республикабытыгар биирдиилээн музыканнар, эбэтэр оркестрга оонньууллар. Төһө да дьоҕус көрүҥнээҕин иһин, бу инструмент оҕону муусука бары кистэлэҥнэригэр үөрэтэр. Флейтаҕа оонньуур оҕо нуота бары көрүҥнэрин, муусуканы сөпкө истэргэ, таба тыыныы туһунан киэҥ билиини ылар. Кылааһынан бүттүүн оонньуур буоланнар, бэйэ бэйэни истиһэргэ, убаастаһарга, түмсүүлээх буоларга үөрэнэллэр. Муусука алыптаах эйгэтигэр уһуйуллуу туһунан үөрэнээччилэрбит бу курдук кэпсииллэр:
Сандра Колесова, Доброслав Винокуров, 4 кылаас:
«Биьиги флейтаҕа оонньуурбутун олус сөбүлүүбүт. Үһүс сылбытын дьарыктанабыт. Айталина Ильинична биһиэхэ бастаан нуоталары өҥүнэн оонньуурга үөрэппитэ, онтон флейтаны хайдах тутары көрдөрбүтэ. Биһиги билигин муусука кыраамататыгар үөрэнэммит, нуотаттан көрөн оонньуубут. Араас куонкурстарга кыттабыт. Муусуканан дьарыктанарбытын олус сөбүлүүбүт. Элбэх араас инструменнарга оонньуурга дьулуһабыт. Быйыл оскуолабытыгар скрипка, домбра, гусли, труба диэн саҥа инструменнар кэлбиттэрэ. «Эһиил 5 кылааска таҕыстахпытына, ити инструменнарга үөрэниэххит,» — диэбитэ учууталбыт.
Аэлина Бойко, 4 кылаас:
Мин быйыл Сартаҥ оскуолатыттан үөрэнэ кэлбитим. Флейтаҕа бастакы сылбын үөрэнэбин, олус сөбүлээтим. Нуотанан көрөн, илиистэн оонньуубун. Салгыы атын инструменнарга оонньуурга үөрэниэхпин баҕарабын
Тимур Васильев, Мичийэ Павлова 3 кылаас:
Биһиги флейтаҕа 2 кылаастан оонньуубут. Флейтабыт дьарыга буоларын олус кэтэһэбит. Флейтаҕа оонньуурга бастаан, нуоталары үөрэппиппит, уопсайа сэттэ нуота баар. Флейта атын инструменнардааҕар үөрэтэргэ, туттарга быдан судургу дии саныыбын. Флейтаҕа оонньоон, киһи толкуйдуурга, музыканы истэргэ үөрэнэр. Тулуурдаах буолар».
Слепцов Петя, 3 кылаас:
Флейта куруһуогар быйыл саҥа сырыттым. Интэриэһинэй эбит муусуканан дьарыктанар. Салгыы мин гитараҕа оонньуурга үөрэниэм этэ. Муусука кабинетыгар үнүстүрүмүөн арааһа баар.
Бу курдук биһиги оскуолабыт үөрэнээччилэрэ күннэтэ муусука ураты дьүрүлгэнигэр уйдаран, кэрэни кэрэхсииргэ, үчүгэйгэ дьулуһарга үөрэнэллэр.
Айталина Бурнашева,
Арыылаах орто оскуолатын иитэр үлэҕэ директоры солбуйааччы, муусука учуутала.
Дьааҥы.