Биһиги тапталлаах оскуолабыт – оҕо сааспыт дьоллоох уйата, иллээх-эйэлээх 4 «а» кылааспыт кэллэктиибэ –дьиэ кэргэммит кэриэтэ буолар. Маҥнайгы кылаастан ааҕарга, суруйарга, үтүө киһи буола улаатарга үөрэтэр ытыктыыр учууталбыт – Наталья Николаевна Ефремова. Оскуолабытыгар кылаастар бары араас хайысхалаахтар, биһиги маҥнайгы кылаастан «Музыка барыбытыгар» бырайыагынан дьарыктанабыт.
Муусука учуутала Светлана Аркадьевна Борисова ыллыырга, флейтаҕа оонньуурга, хомустуурга, музыканы истэн хамсанарга үөрэтэр. Ордук сөбүлээн сахалыы, нууччалыы ырыалары ыллыыбыт. Быйыл «Музыка барыбытыгар» бырайыак Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт 5 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр кытынныбыт.
Кылааспытыттан элбэх оҕо бу бырайыагынан музыкальнай оскуолаҕа дьарыктаналлар. Фортепиано, скрипка, баян, балалайка кылаастарыгар үөрэнэн музыка абылаҥар иитиллэбит.
Кылааһынан ыллыырбытын олус сөбүлүүбүт. Бу 4 сыл устата араас таһымнаах куоҥкурустарга ситиһиилээхтик кытынныбыт. Быйыл оскуолабыт иһинэн ыытыллыбыт «Салют, Победа!» куоҥкуруска Гран-При, улуустааҕы «Ыллаа-туой оҕо саас», норуоттар икки ардыларынааҕы «Зов земли Олонхо» күрэхтэргэ лауреат аатын ылан олус үөрбүппүт.
Наташа Борисова, Коля Куличкин, 4 «а» кылаас үөрэнээччилэрэ, «Мэҥэбил» эдкорпост