Туран хаамсар күҥҥэ
Тэбэр чэгиэн күүспүт
Чиҥээн, элбээн истин!
Суорун Омоллоон.
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтин «Түөлбэ баһаатайа» сайыҥҥы оскуола Ытык Күөллээҕи «Таатта» литературнай-художественнай заповедник-музейга Хадаайы олус кэрэ көстүүлээх сиригэр үлэтин ыытар. Сайыҥҥы оскуола бэһис үлэтин күнэ – экскурсия күнэ буолла. «Таатта» литературнай- художественнай музей-заповедник Саха сиригэр соҕотох аһаҕас халлаан анныгар турар музей буолар. Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон туруорсуутунан музейга анаан Хадаайы үрэх Тааттаҕа түһэр миэстэтигэр сир анаммыта, онтон үлэтин 2001 сыл балаҕан ыйын 24 күнүттэн саҕалаабыта.
Музей суруйааччылар: А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй, А.И. Софронов-Алампа, Н.Д. Неустроев, саха норуотугар ойуулуур-дьүһүннүүр искусствоны төрүттээбит, бастакы норуодунай худуоһунньук И.В. Попов, РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыската А.И. Егорова олорон ааспыт олохторун, айбыт-туппут үлэлэрин сырдатар, дьоҥҥо, норуокка тиэрдэр сыаллаах үлэлиир. «Таатта» литературнай-художественнай музей-заповедник тиэргэнин иһигэр Ытык Күөл Преображенскай Таҥара дьиэтэ, Өксөкүлээх Өлөксөй, худуоһунньук И.В. Попов олорбут балаҕанын куопуйалара, Соппуруонаптар сайылык, Таатта улууһун бастакы кулубата И.Е. Кулаковскай туттарбыт бырааба, Балапаат Слепцов уола Тэрэнтэй Слепцов дьиэлэрэ, Ытык Күөлгэ маҥнайгы аһыллыбыт Димитриан аҕабыт, Таатта бастакы үөрэхтээҕэ Поликарп Иванович Слепцов оскуолаҕа анаан биэрбит церковнай-приходской оскуолалара көһөрүллэн киллэриллэн историческай суолталаах пааматынньыктар, Олоҥхо балаҕана, аҕыс кырыылаах экспозиционнай Моҕол Ураһа саалата көрдөрүүгэ тураллар.
Музей пуондатын үлэһиттэрэ Александра Николаевна Постникова, Альмира Маулитхановна Большакова олус интэриэһинэй экскурсия ыытан, кэпсээн, ыйытыктарга хоруйдаан, сонун оонньуу ыытан оҕолорбут сэргэхсийэн, сэҥээрэн олус баай ис хоһоонноох ураты күнү атаардылар. Оҕолорбутугар сахалар киэн туттар биир дойдулаахтарбыт улуу дьонун олохторун сырдатан, историябытыгар интэриэһи үөскэтиигэ, төрөөбүт дойдуга тапталы иҥэриигэ, улахан кылааты оҥорбуккутугар Александра Николаевнаҕа, Альмира Маулитхановнаҕа махталбыт муҥура суох.
Сатабыл» медиа-студията,
Тааттатааҕы «Сатабыл» оҕо айымньытын дьиэтэ