2 Малдьаҕар орто оскуолатын улахан кылаас үөрэнээччилэрэ Өлүөнэ өрүскэ тиийэн, нэһилиэк субуотунньугар кытыннылар. Бу субуотунньук сүрүн сыалынан — анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэригэр уонна доруобуйаларынан хааччахтаах дьоҥҥо көмө буолар.
9-11 кылаас уолаттара күнүс оскуола автобуһунан өрүскэ киирбиппит. Муус үрдүнээҕи хаары күрдьэҕинэн ыраастаан, киэҥ миэстэ таһаарбыппыт, улахан дьон мууһу эрбээбиттэрэ. Тыраахтарынан 4 массыынаҕа мууһу тиэйбиттэрэ. Биһиги уолаттар мууһу тыраахтарга тиэйэргэ, муус үрдүн ыраастыырга, мууһу таһарга уонна массыынанан барсан мууһу дьоммут тиэргэннэригэр тиэйэргэ кемөлөспүппүт. Бу курдук биһиги киэһээ 19:00 чааска диэри үлэлээбиппит. Үлэни бүтэрбит оҕолор бары үөрэ-көтө дьиэлээбиппит.
Бу субуотунньук кэннэ мин маннык санааҕа кэллим: кырдьаҕас дьоммутун убаастаан, бу курдук көмөлөһөрбүт сөптөөх дии саныыбыт, билиҥҥи кэмҥэ элбэх төрөппүт оҕото анал байыанай дьайыыга кытта сылдьар, ол иһин кинилэр дойдуга туһаны аҕала сырыттахтарына, биһиги оҕолор кинилэр тустарыгар бу курдук үлэлиирбит, кыайар улэбитинэн көмө буоларбыт олус үчүгэй.
Аман Еремеев, М.Е. Васильева аатынан
2 Малдьаҕар орто оскуолатын
9 кылааһын үөрэнээччитэ