Бу күннэргэ «МУУС УСТАР» ыччат бэстибээлэ үрдүк таһымнаахтык ыытыллан түмүктэннэ. “Муус устар” иһинэн 14 хайысхаҕа араас күрэхтэр ыытылыннылар. Кыттаачылар бары күүстээх сүүмэрдээһини ааһан, манна бастыҥтан бастыҥнар кыттыыны ылар чиэскэ тиксибиттэр. Ол иһигэр биһиги, “Саас” форум кыттыылаахтара.
Саха сирин талааннаах ыччаттара IT-сфера, успуорт, бизнес, волонтёр, суруналыыстыка о.д.а хайысханан түмсэн бэйэ-бэйэлэрин кытта билсэн, бу күннэри умнуллубаттык атаардылар.
“Муус устар” 2021 сылтан Саха өрөспүүбүлүкэтин салалтатын өйөбүлүнэн ыытыллар. Быйылгы бэстибээл Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылыгар анаан ыытылынна.
Биһиги “Саас” форум юнкордара “Триумф” успуорт баараҕайыгар бэстибээли түмүктүүр үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ сырыттыбыт. Манна бэстибээл кыттыылаахтара, кыайыылаахтара араас үчүгэй быыстапканы, оонньуулары тэрийбиттэр. Маастар-кылаастары ыыттылар. “Якутия 24” ханаалга бэйэҕин ыытааччы оруолугар холонон көрүөххүн сөп.
Кэрэ да көстүүлээх хаартыска түһэр муннуктарын оҥорбуттар. Мин манна сылдьан баран, тэлэбиисэринэн эрэ көрөр улахан бэстибээллэртэн туох да уратыта суох дии санаатым.
“Муус устар” улахан кэнсиэринэн, наҕараадалааһынынан түмүктэннэ. “Триумф” успуорт баараҕайа тобус-толору киһи. Бу улахан тэрээһини Сахабыт сирин, ону тэҥэ Арассыыйа биллэр ырыаһыттара киэргэттилэр.
Маннык тэрээһиннэр өрөспүүбүлүкэбитигэр ыытыллара эдэр ыччат талаанын арыйарга, сайыннарарга, элбэх саҥаны билэргэ, сырдыкка, ырааска-кэрэҕэ тардыһарга кыаҕы биэрэр диэн түмүккэ кэллим. “Муус устар” – эдэр ыччат дьоло, үрдүк ситиһиигэ сүрүн хардыыта!
Маннык улахан тэрээһиҥҥэ биһигини “Кэскил” медиа оскуола уонна “Сосновый бор” лааҕыр үлэһиттэрэ арыаллаан, дурда-хахха буолан, сыалай түөрт оптуобуһунан илдьэ сырыттылар. Бары юнкордар ааттарыттан эһиэхэ махталбытын тиэрдэбин.
Аныгыскы “Муус устарга” көрсүөххэ диэри!
Наум НАУМОВ, IX кылаас, Кустуур, Эбээн Бытантай