Муус устар – Айыыһыт ыйа. Бу ыйга төрүүр-ууһуур олох, тускуланар. Ыал, дьиэ кэргэн соргута улаатар. Сибэ уот оттуллар, Ийэ Маска кут тохтуур. Айыыһыт хотун кэлэр. Айыыһыт иччитэ Көтөҕөөччү ийэ кинини көрсөр.
Айыыһыт
Бастакы халлааҥҥа олорор айыы. Кини биир курдук эрээри сэттэ дьүһүннээх. Сэттэ аҕас-балыс буолан көстөр. Тапталы уонна кэрэни төрүттээбит. Оҕо кутун аҕалан, Иэйэхсиккэ биэрэр. Иэйиэхсит дьолу киһиэхэ иҥэрэр.
Ойуута: ох уонна кыптыый. Айыы санааҕа бу оҕо кутун көрдөрөр бэлиэ. Ох – уол оҕо кута. Кыптыый – кыыс оҕо киэнэ.
Сүрүннүүр тыла: дьаралык. Айыы санааҕа бу сүппэт бэлиэ буоллун диэн суолталаах. Уруу (сыбаайба) кэмигэр кийиити, күтүөтү эҕэрдэлээн «Дьаралык!» дииллэр. Оҕо төрөөтөҕүнэ эмиэ. Дьаралык – ол аата сүппэт-оспот үчүгэй бэлиэ.
Кут
Үрүҥ Айыы Тойон тыыны үүннэрэр күүһэ кут. Тыыҥҥа кут иҥнэҕинэ, тыыннаах буолуу күүһүрэр. Тыын эбии тупсар уонна уһуур. Алгысчыт иччилэргэ хайыһан, Айыылартан кут тардар. Оччотугар үөһээ дойдуттан кут кэлэр.
Буорга иҥмит кут – буор кут. Салгыҥҥа иҥмит кут – салгын кут. Ууга иҥмит кут – ийэ кут. Итинник буолар.
Алгыһа
Дьаралык, дьаралык, дьаралык!
Үөскүүрү төрүттээччи,
Кэскили тэрийээччи,
Уол оҕо кутун ох оҥорон
Уҥа хонноҕор кыбыммыт,
Кыыс оҕо кутун кыптыый оҥорон
Хаҥас хонноҕор кыбыммыт,
Таптал айыыта, дьиэ кэргэн төрдө,
Айыыһыт ийэ хотун, бэттэх көрөн
Мичик гын!
Дом.