Муома Улахан Чыыстайыгар «Искра» совхоһу аатырдан-сураҕырдан, таба иитиитин өрө таһаарбыт салайааччы, тыа хаһаайыстыбатын бочуоттаах үлэһитэ Николай Ильич Слепцов төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах табаһыттар бырааһынньыктара үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна.
Баһылык Дмитрий Викторович Аммосов табаһыт үлэтэ кэккэ ыарахаттардааҕын, ол эрээри улахан суолталааҕын бэлиэлиэтээн туран тэрээһини арыйда.
Тамерлан кыайыыта
Учуутал идэлээҕим быһыытынан, ханна да тиийдэрбин, оскуола оҕолорун бэлиэтии көрөр идэбинэн, бу да сырыыбар, ону тумнубатым.
Таба бырааһынньыгын биир кэрэхсэбиллээх тэрээһинэ, һээдьэҕэ, үөрэнээччилэр ортолоругар күрэххэ чуораанныы чугдаарар чуор куоластаах Чыыстай орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччитэ Тамерлан Слепцов күннээтэ. Кини кыайан, «Байанай» маҕаһыынтан 7 тыһыынчалаах сертификат тутан үөрдэ. Тамерлантан сертификатынан тугу ыларын туоһулаһан, балыктыырга аналлаах малы ылар баҕалааҕын биллим. Салгыы Тамерлан 8 кыыс, 8 уол буолан үөрэнэллэрин туһунан кэпсээтэ. Технология учуутала Ираида Васильевна Тихонова салайааччылаах бары иллээхтик үөрэнэллэр, оскуола ыытар бары үлэлэригэр актыыбынайдык кытталлар эбит. Тамерлан бэйэтэ үөрэҕэр үчүгэйин, торт астыырын сөбүлүүрүн, историческай кинигэлэри, энциклопедиялары ааҕарын, кыра эрдэҕиттэн һээдьэ этэрин туһунан бэрт сэргэхтик сэһэргээтэ.
Август аата элбэхтэ ааттанна
Таба бырааһынньыгын араас күрэхтэһиилэрин тухары сотору-сотору Август Корякин диэн аат бэрт элбэхтик иһилиннэ. 9-с кылаас үөрэнээччитэ Август Корякин оҕолор уучаҕынан сүүрдүүлэрин күрэҕэр биэтэккэ маҥнайгынан кэлэн ноутбугунан наҕараадаламмытын сэргэ, аны һээдьэҕэ 3-с бириистээх миэстэҕэ тиксэн, балаакка бириис тутта. Итини таһынан , «Искра» совхоз аатырбыт салайааччыта Николай Ильич Слепцов оҕолорун 12 тыһыынча солкуобайдаах анал бириистэрэ саалаҕа толору мустубут биир дойдулаахтарын ортолоругар уруйунан-айхалынан арыалланан, эмиэ киниэхэ туттарылынна.
Август элбэх саҥата суох да буоллар бэйэтин сааһыгар ботуччу ситиһиилэрдээх уол эбит. Кини эбээн кылааһыгар үөрэнэрин. Ааспыт сайыны быһа таба ыстаадатыгар уучаҕынан сылдьыбытын, онно Алмаас диэн быраатын кытта уучаҕы сүүрдэ күрэхтэһэллэрин ахтан ааста. Бииргэ төрөөбүт убайдара Юрийдаах Николай табаһыттар, бырааттара Денистаах Герасим өссө да кыралар эбит. Кылааһыгар ыстаараста. Кылааһын салайааччыта — саха тылын учуутала Мавра Дмитриевна Никулина. Август 2019 с. оройуон киинигэр Хонууга ыытыллыбыт «Синяя птица» куонкуруска «Туман» диэн сахалыы ыллаан Гран-при, 2019 с. Москваҕа Аан дойдутааҕы норуоттарын бэстибээллэригэр эбээннии тылынан дүҥүрдээх ыллаан, 2-с истиэпэннээх лауреат үрдүк аатын ылбыт. Аны маһынан уһанар уус илиилээх. 2020 с. үөрэнээччилэр оройуоннааҕы күрэхтэригэр түннүк арааматын оҥорон, 2021 с. олоппоһу оҥорон, бастаабыт. Ол олоппоһун эбэтигэр бэлэхтээбит.
Ити курдук, эбээн норуотун маҥнайгы суруйааччыта, Николай Саввич Тарабукин аатынан Улахан Чыыстай агрооскуолата олоххо бэйэлэрин суолларын булунар, нэһилиэктэрин ытык өйдөбүллэрин, үгэстэрин, култууратын барҕардар ыччаттары иитэн таһаарар сыаллаах-соруктаах үлэлиир. Манна өссө табаһыттар оҕолорун үөрэтэр ыстааданы кытта көһө сылдьар оскуоланы үлэлэтэллэр. Учуутал — СӨ үөрэҕириитин туйгуна Оксана Семеновна Громова.
Августина ХАБАРОВА,
Улахан Чыыстай, Муома.