Муома орто оскуолатын оҕолоругар ТУРСЛЕТ-2024 үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Халлааммыт бу күн анаабыт курдук туран биэрдэ. Туризм бэстибээлэ Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас сылыгар уонна Муома орто оскуолата төрүттэммитэ 95 сылыгар ананна. Тэрээһин 5-11 кылаас үөрэнээччилэрин, учууталлары кэрэ көстүүлээх паарка сиригэр түмтэ. Турслет алта түһүмэҕинэн биир тыынынан буолла: кутаа уокка ас астааһын, сигнальщитар күрэхтэрэ, турбазаны киэргэтии, катамаранынан устуу, мэһэйдэрии туоруур оонньуу .
Оскуола үөрэнээччилэрэ араас күрэхтэргэ кыахтарын тургутан көрдүлэр, саҥаны-сонуну биллилэр Оҕолор, төрөппүттэр уонна учууталлар бары айылҕаҕа күннэрин астына атаардылар.
Родослав Тарасов, V «Б» кылаас:
— Мин Турслекка аан бастакыбын кытынным. Катамаранынан ууга устубуппун олус сөбүлээтим. Наһаа ураты эйгэ этэ. Уонна кутаа уокка ас аан бастаан астаатым. Кус миинин буһарбытым. Миэхэ доҕотторум уонна аҕам көмөлөспүтэ. Уокка астыыр түбүктээх эбит. Дьүүллүүр сүбэ хайдах астаабыппын, барыта бэйэ аһа дуо диэн ыйыппыта. Повардар күрэхтэригэр (5-6 кылаас бөлөҕүн иһинэн) мин бастаабытым. Олус үөрбүтүм уонна долгуйбутум. Турслет олус интэриэһинэй этэ. Эһиил сигнальщиктар күрэхтэригэр кыттыахпын баҕарабын.
Тимур Слепцов, X кылаас:
— Мин катамаранынан устуу түһүмэххэ кыттан, хамаандам бастаабыта. Быйыл турслет буолбут сиригэр улахан уу баарын саҥа биллибит. Катамаранынан бириэмэҕэ арыыны эргийэн кэлбиппит. Биһиги кылаас уопсайа 6 түһүмэхтэн 5-гэр миэстэлэстэ, онон олус үөрдүбүт. Эһиил бары көрүҥҥэ бэйэбин холонон көрүөхпүн баҕарабын. Бу күн халлааммыт да туран биэрбитэ. Маннык айылҕаҕа оскуоланан тахсан тыа үөрүйэхтэригэр үөрэнэрбит олус интэриэһинэй.
Татьяна Ивановна ДАНИЛОВА
Саха тылын уонна литературатын учуутала,
Муома орто оскуолата, Муома