Ааспыт нэдиэлэҕэ улууспутугар харантыын биллэриллэн, хойутаан да буоллар, оскуолабыт президенин сүбэтин көҕүлээһининэн, кулун тутар 13 күнүгэр «Ийэҕэ махтал» тэрээһини ыыттыбыт.
I-Х кылаас үөрэнээччилэрэ бары эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһан, ыҥырыылаах ийэлэрбитигэр эҕэрдэ нүөмэрдэри бэлэхтээтилэр уонна “Мода из комода”көрдөрдүлэр.
Бырааһынньыгы гитаранан ырыа кулуубун оҕолоро Айыы Уола “Ийэкээм” ырыатынан астылар.
Илин эҥээр улуустарын хип-хоп аэробикаҕа аһаҕас чемпионатын кыайыылаахтара — VIII-X кылаас кыргыттарын «Sedonch» үҥкүү бөлөҕө — дьоро күнү эрчимнээх үҥкүүнэн киэргэттэ.
Кылаастар бары ханнык муоданы көрдөрөллөрүн сэрэбиэйдэспиттэрэ.
I кылаас – байыаннай Military стиль.
II кылаас – 80-90-с сыллар.
III кылаас — спортивнай стиль.
IV кылаас — муора муодата. «Морские волки».
V кылаас — «стиляги».
VI кылаас — «кобвойский стиль».
VII кылаас — «шотландский стиль».
VIII кылаас — «джинсовый рай».
Х кылаас — «готика».
Сынньалаҥ кэмигэр актив оҕолоро астаабыт минньигэс пирожнайдарын ийэлэр отон утаҕын кытта амсайан астыннылар, тэрийээччилэргэ махтал тылларын эттилэр.
Маннык тэрээһин биһиэхэ олус наадалааҕын өйдөөтүбүт. Сыанаҕа илиигин-атаххын уратытык туттан хааман, кэтэ сылдьар таҥаһын уобараһын сөптөөхтүк көрөөччүгэ тиэрдиэхтээххин. Хараххын умса-туора көрбөккө, саалаҕа олорор дьоннуун ситимнээх буолуохтааххын. Ол иһин буолуо, сценическэй култуура диэн туһунан үөрэх баар эбит.
Макарова Саша, “Кыраһа-пресс”,
Сылаҥ, Чурапчы .