Горнай улууһун Бэрдьигэстээх улуустааҕы гимназиятыгар эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэрэ буолан ааста. бу Сүлүөккэ, уопсайа, 50 тахса оҕо кыттыыны ылла. Үөһээ Бүлүүттэн, Кэбээйиттэн тиийэ кэлэн, бэйэлэрин чаҕылхайдык көрдөрдүлэр.
Квест оонньуу, мультимедийнай журналистика чемпионата, маастар-кылаас, көрсүһүүлэр буоллулар. Гимназия оҕолоро бу сүлүөт туһунан туох санаалаахтарый?
Чэмэлиинэ Павлова «Ай-тал» пресс-кулууп эдкора:
— Мин бу чемпионакка кыттаммын олус диэн үөрдүм, бэйэбэр элбэх саҥаны арынным, хамаандам оҕолорун кытта биир тылы булан, биир киһи курдук үлэлииргэ үөрэнним. Ону таһынан, лонгриды суруйарга үөрэнним. Бу чемпионат миигин элбэххэ үөрэттэ: кыбыстыбакка дьонтон интервью ыларга, дьону кытта уопсай тылы буларга. Мин санаабар, бу чемпионакка ылбыт билиим инники олохпор олус диэн туһалыа.
Дуня Михайлова «Ай-тал» пресс-кулууп эдкора:
— Эдэр кэрэспэндьиэннэр сүлүөттэрэ үрдүк таһымнаахтык ааста дии саныыбын. Бу чемпионакка кыттаммын, монтажтыырга уонна кэрэ түгэни хаартыскаҕа түһэрэргэ үөрэнним.
Мин санаабар, бу маннык чемпионат оскуола оҕолоругар олус наадалаах. Манна суруналыыс буолуон баҕалаах оҕо аан бастаан бэйэтин тургутан көрөр, көрдөрөр-иһитиннэрэр эйгэҕэ бастакы улахан хардыытын оҥорор. Суруналыыс да буолар санаата суох оҕоҕо эмиэ туһалаах, тоҕо диэтэххэ, кини дьону кытта алтыһарга, уопсай тыл буларга, кыбыстыбат буоларга үөрэтэр. Мин санаабар, бу үөрүйэхтэр хас биирдии киһиэхэ наадалаахтар.
Ааптар: Вика Агеева, “Ай-тал” пресс-киин.
Бэрдьигэстээх гимназията.